Салгыы
Эҥсиэли хочото — боотурдар үөскүүр дойдулара…

Эҥсиэли хочото — боотурдар үөскүүр дойдулара…

Ааптар:
02.07.2023, 13:30
Хаартыска: Дьулустаан Сергеев (СИА).
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Саха сиригэр саамай биллиилээх киһи кимий диэтэхтэринэ, тута, Вячеслав Дьяконов диирбит буолуо. Билигин туох баар Саха сирин сурук-бичик, бэчээт эйгэтэ кини быйылгы “Дыгын оонньууларын” кыайыылааҕа буолбутун киэҥник сырдатта.

Икки улуустаах кынат кыырайан көтөн

Үгүскүт кыайыы көтөллөөх Вячеслав “Үс Хатыҥ” түһүлгэҕэ былааҕы кынат курдук оҥостон сүүрэ, көрөөччүлэригэр махтана сылдьарын көрбүккүт буолуо. Ол кынаттар биир улуус былааҕыттан таҥыллыбатахтар эбит. Онно Нам уонна Мэҥэ Хаҥалас улуустарын былаахтара бааллар.

Ол курдук, дьоруойбут ийэтэ — Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх. Аҕата — Николай Дьяконов, Нам улууһуттан төрүттээх. Бэйэтэ 2001 сыллаахха ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут күөх Майаҕа иккис уол оҕонон күн сирин көрбүт.

“Киирсэ сылдьан эйигин истэбин”

Слава аҕата — Николай Дьяконов, «Дыгын оонньууларын» алта төгүллээх кыайыылааҕа, СӨ успуордун үтүөлээх үлэһитэ, успуорт маастара. Николай 1995 сыллаахтан ыытыллар “Дыгын оонньууларын” 1998, 2002, 2003, 2004, 2005, 2006 сылларга кыайан, норуот тапталын ылан көмүс буукубанан устуоруйаҕа киирбитэ чахчы. Дьяконовтар ыал сыбаайбаларыгар шафердаабыт Слава диэн доҕотторун аатын биэрбиттэр. Онтон кэлин кини уолугар Коля диэн ааты биэрбит.

«Оскуоланы тохсус кылааһынан бүтэрбитим. Быраабы көмүскүүр уорганнар үөрэхтэрин үс сыл үөрэнэн бүтэрбитим. Намтан сылдьан үөрэммитим. Онтон үрдэтиэм дии санаабытым. Ол эрээри, бу үөрэх уустугун иһин, атыҥҥа, Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет успуорт уонна физкультура институтугар үөрэнэ киирбитим. Бастакы кууруспун. Ханна баҕарар курдук, төгүрүк сыл дьарыкка сылдьар киһи бириэмэни аттарарым чэпчэкитэ суох. Үөрэхпэр өйүүр дьон баара үчүгэй», — диэн кэпсээтэ чөмпүйүөн.

Хаартыска: Дьулустаан Сергеев.

«Слава оҕо сылдьан Павел Пинигин норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһиитин кыайбыта уонна сарсыҥҥы күнүгэр многоборьенан дьарыктанар эбиппин диэбитэ. Дьиҥинэн, мин туһуннарыахпын баҕарбытым. Баҕарбытын курдук дьарыктанан барбыппыт. Тустууга сылдьыбыт буолан тимир өттүгэр үлэтэ, физиката, мөлтөх соҕус этэ. Биллэн турар, эдэр оҕо ыксыыр этэ. Ол гынан баран, тимир туспа өйдөбүллээх, сокуоннаах. Бу бэһис сылыгар үчүгэй буолла диэххэ сөп. Киирсэ сылдьан эйигин истэбин диэбитэ. Ол эмиэ үчүгэй хаачыстыба. Бэйэҥ кыттаргынааҕар оҕоҕор икки бүк төгүл ыалдьаҕын, олох сүгүн олорон көрбөппүн, син биир хамныы, тэҥҥэ киирсэ олорор курдук буолабын», — диэн санаатын үллэһиннэ аҕата.

«Уол оҕолоннохпуна, кинини ыстаныыга биэриэм”

Вячеслав эбэр: «Аҕабын бары кэриэтэ мэһэйдиир дииллэр этэ. Ол эрээри, кини миэхэ улахан санаа күүһүн саҕар, биэрэр этэ. Аҕа сүрэҕэ хайдах ылынарын таайан эрэ көрөбүн буоллаҕа. Оттон күн күбэй ийэм саамай күүскэ долгуйар. Бэл диэтэр, түүнүн утуйбат этэ. Кэргэнэ, аҕам төһөлөөх элбэхтэ кыттыбыта буолуой. Ол да буоллар, долгуйуута ааспатах. Кини эбиитин аҕабынааҕар кытаанах. Кыайыы кэлбитигэр, барыбыт да харахпыт ууланна. Кыайыыбын эһээбэр анаатым. Соторутааҕыта аҕай күн сириттэн суох буолбута».

Хаартыска: Дьулустаан Сергеев (СИА)

Саамай ыарахан көрүҥ диэҥҥэ ыстаныы диэн эппиэттээтэ: «Ыстаныы — олус уустук көрүҥ. Миигин Андрей Васильев уонна Захар Ефремов дьарыктаабыттара. Бириэмэлэрин ууран туран дьарыктаабыттарыгар махталбын тиэрдэбин. Дьарыкка 33 миэтэрэ түһэр этим. Онтон күрэххэ — 31 миэтэрэ ыстанан кыһыйбытым ахан. Онон уолланнахпына, ыстаныыга бириэм этэ дии саныыбын. Киһи балачча сайдар успуорт көрүҥэ”.

Номоххо киирэр бүгүҥҥү кэм мадьынылара

Вячеслав өссө тутум эргииргэ рекорду олохтообут киһинэн буолар. Ол курдук, былырыын 76 эргийбит. «Онно борцовкаларым тырыттан бүппүттэрэ. Ол борцовкаларбын талисман курдук илдьэ сылдьыбытым. Билигин абырахтанан эҥин убайбар сыталлар».

“Дыгын оонньуулара”, чахчы да, саха норуотугар ураты суолталаахтар. Успуорт төрүт көрүҥнэрэ түмэр даҕаны эбиттэр. Үйэттэн үйэҕэ саха төрүт оонньуулара олох хаамыытыгар сөп түбэһиннэрэн быраабылалара уларыйбыттарын да иһин, ыччат, нэһилиэнньэ утумнаах дьарык оҥоһунна, инньэ гынан эти-хааны сайыннарар успуорт көрүҥнэригэр кубулуйдулар. Аныгы үйэ боотурдардаах да эбит! Кыттааччылар бары чөл олоххо тардыһан, ыарахаттары тумнан, үрдүк чыпчааллары дабайа сылдьарга үөрэтэллэр, ыччакка холобур буолаллар.

Икки күн Дыгыннары манаатыбыт. Эҥсиэли хочото — боотур үөскүүр дойдута эбит. Номох буолбут Николай Дьяконов удьуора таҕыста. Кини бэйэтэ да буоллаҕа, ыраах барбакка — илэ боотур, хаама сылдьар холобур. Саха норуотун Дьяконовка таптала хаттаан көбөн кэллэҕэ, аны кини уола туйах хатаран барыбытын үөртэ! Ыччаппыт успуорка тардыстын, өссө да Сахабыт сиригэр боотурдар төрүү-үөскүү турдуннар!

Арсен Федоров, Сүгүрүйээччитэ, Майа лицейин выпускнига:

— Вячеслав Дьяконов элбэх эдэр спортсменнарга сирдьит сулус кэриэтэ, саҥа сыал-сорук туруорарга кынаттаабыт киһи. Күүстээх санаа уонна дьиссипилиинэ ситиминэн үрдүк чыпчааллары ситиһиэххэ сөбүн көрдөрдө. Элбэх бэриэмэтин, күүһүн уонна санаатын ууран туран сахабыт норуота култуурунай уонна физическэй култуура таһымын хас да хардыы иннигэр илтэ.

Эльдар САДОВНИКОВ суруйуута.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -40°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: