Салгыы
Өҥүрүк куйаастан хайдах быыһанабыт?

Өҥүрүк куйаастан хайдах быыһанабыт?

15.07.2024, 15:47
Хаартыска: М.Васильева (СИА)
Бөлөххө киир:

Үгүс киһи өҥүрүк куйааһы тулуйбат. Өскөтүн 30 кыраадыстаах итии буоллаҕына, организмҥа хайдах көмөлөһөр уонна бэйэ туругун арыый тупсарар туһугар тугу гыныахха?

 СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин исписэлиистэрин сүбэлэрэ:

  1. Ууну элбэхтик иһиҥ. Куйаас күннэргэ 2-2,5 лиитэрэттэн аҕыйаҕа суох убаҕаһы кыратык омурда-омурда иһиҥ. Мэлдьи кыра бытыылкаҕа уулаах сылдьыҥ. Ол эрээри, наһаа тымныы уу элбэх көлөһүнү таһаарарын, онтон минньигэс уу утаҕы ханнарбатын умнумаҥ.
  2. Элбэхтик уунан сайҕаныҥ. Кыаллар буоллаҕына күҥҥэ хаста да – сарсыарда, күнүс уонна киэһэ  душтаныҥ. Күн устата сииктээх салпыатканан моонньугутун, сирэйгитин, бэгэччэккитин  сотто сылдьыҥ. Ити организм итиигэ биир турукка сылдьарыгар көмөлөөх.
  3. Сөпкө аһааҥ. Наһаа куйааска олус элбэҕи аһаабакка, аһылык чэпчэки, кыра калорийдаах буолуохтаах. Сарсыарда халбаһылаах бутерброд оннугар хааһыны, иэдьэгэйи, оҕуруот аһыттан салааты сиир ордук. Эбиэккэ хоргуннаах миини  кыбаастаах (окрошкалаах), сүбүөкүлэлээх, оҕуруот астаах миининэн, сыата суох эт, куурусса бульонунан солбуйуҥ. Ыһаарыламмыт астан аккаастаныҥ. Аһылыккытыгар оҕуруот аһа, фрукта, үүт бородууктата элбэх буоларыгар кыһаллыҥ.
  4. Тус гигиена быраабылаларын тутуһуҥ. Улахан наадата суох буоллаххытына, куйаас сатыылаан турар кэмигэр, 12-17 чааска таһырдьа тахсымаҥ. Кыаллар буоллаҕына, эбиэт кэнниттэн утуйан ылыҥ. Тириигитин күнтэн харыстыыр кириэминэн соттуҥ, хараххытыгар күнтэн харыстыыр ачыкыта кэтиҥ.

Хоскутугар сөп буола-буола кондиционеры, вентиляторы үлэлэтиэххитин сөп. Күүлэйдииргэ саамай тоҕоостоох кэм – 11.00-18.00 чаас (оҕолорго эмиэ).

Бу судургу эрээри, көдьүүстээх сүбэлэри туһаныҥ.

+1
14
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
26 ноября
  • -22°C
  • Ощущается: -22°Влажность: 71% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: