Эпос уонна ускуустуба Арктикатааҕы киинин дьиэтин үс ураһа киэргэтиэҕэ
«ВИС» бөлөх тутааччылара үс тимир ураһаттан биирин туруорар үлэтин түмүктээтилэр.
Дьокуускайга үс ураһалар билигин тутулла турар Эпос уонна ускуустуба Арктикатааҕы киинин үрдүгэр баар буолуохтара. Билигин өссө биир тимир ураһаны туруорууга бэлэмнэнии үлэтэ ыытыллар. Бу туһунан «ВИС» бөлөх пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Судаарыстыбаннай филармония уонна Эпос уонна ускуустуба Арктикатааҕы киинин дьиэтэ саха норуотун төрүт үгэстэрин уонна култуурунай нэһилиэстибэтин учуоттаан оҥоһулуннулар. 33 тыһыынча квадратнай миэтэрэ иэннээх комплекс архитектурата Саха сирин дьикти айылҕатын ойуулуур.
Ону тэҥэ билиҥҥитэ эбийиэк үрдүгэр «өстүөкүлэ күөл», аһаҕас халлаан анныгар амфитеатр сыаната тутуллан бүттүлэр. Хас биирдии ураһа туоруута хас да түһүмэҕинэн ыытыллар. Тимир каркаһын туруоруутун кэннэ тас бүрүөһүнүн оҥоруохтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: