Салгыы
Эпос уонна ускуустуба Арктикатааҕы киинин тутуу тэтимирэр

Эпос уонна ускуустуба Арктикатааҕы киинин тутуу тэтимирэр

Ааптар:
29.07.2023, 16:50
Хаартыскаҕа Андрей Сорокин түһэриитэ, СИА
Бөлөххө киир:

Ил Дархан  Эпос уонна ускуустуба Арктикатааҕы киинин тутуутун түргэтэтэргэ соруйда. 

Судаарыстыбаннай филармония,  Эпос уонна ускуустуба Арктикатааҕы киинин тутуутун кини көрдө. Тутааччылар үлэни 2024 сыл бүтүүтүгэр түмүктээн үлэҕэ киллэрэр былааннаахтар.

«Сүрүн сыал — тутуу сезонун кэмигэр былааны толоруу. Монолит-каркааһын оҥорон, ититиини биэрэн, кыһыҥҥы кэмҥэ тутар-монтажтыыр үлэлэр толоруллалларын курдук бэлэмниэххэ«, — диэн Айсен Николаев сорудахтаата.

«Семнадцатая концессионная компания» ХЭУо генеральнай дириэктэрэ Виктор Алексеенко былааны толорор туһуттан икки симиэнэнэн 200-тэн тахса киһи үлэлиирин кэпсээтэ. Бырайыагынан 360 сыбаайа былааннаммытын, онтон 62-тэ туруоруллубутун эттэ.

Бу кэмҥэ Эпос уонна ускуустуба Арктикатааҕы киинигэр, амфитыйаатыр тырыбынатын оҥороллор, о.д.а. үлэ ыытыллар. Филармония куорпуһугар сүрүн саалаҕа үлэ эмиэ оргуйан олорор. Муостатын ситэрэллэр-хотороллор. Көрөөччүлэр саалаларын, фойены уонна да атын сирдэри ис өртүн оҥоруу эскиһин дьүүллэһэллэр.

Бэлиэтэнэринэн, бу эбийиэк Уһук Илиҥҥэ эрэ буолбакка, Арассыыйаҕа тиийэ култуура улахан, баараҕай тутуутунан буолуохтаах. Уопсай иэнэ – 33 тыһ. кв. м., мэндиэмэнэ – 7. Тутуу үрдүгэ – 36,7 м. дьон-сэргэ олорон көрөр уопсай миэстэтэ – 1 530.

Судаарыстыбаннай филармония, Олоҥхо тыйаатыра уонна П.А.Ойуунускай аатынан Саха Академическай драматическай тыйаатыр манна киириэхтээхтэр. Маны сэргэ, тэрээһиннэри ыытар, быыстапкалыыр, сиэр-туом саалалара, дьоҕус уонна улахан бэлэмнэнэр саалалар, тыаһы-ууһу устар, таҥар устуудьуйа баар буолуохтаахтар.

Бу туһунан сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3365416 көрүҥ.

СӨ Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата

Хаартыскаларга Андрей Сорокин түһэриитэ, СИА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -31°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 76% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: