Эппиэтинэһэ суох ийэттэн оҕо суорума суолламмыт…

Share

Ааспыт кыһын тохсунньу 9 күнүгэр Усуйаана оройуонугар итирик туруктаах ийэ буруйуттан кыра саастаах оҕо суорума суолламмыт. 

Суут быһаарбытынан, ити күн элбэх оҕолоох ийэ итирик туруктаах кыра саастаах кыыһын кытта утуйбуттар. Урукку өттүгэр кини оронун уонна истиэнэтин икки ардынан ааһар ититии ситимин  оҕо түспэтин диэн  бүөлүүр идэлээх эбит. Бу сырыыга итирик буолан, ол туһунан умнан кэбиспит. Түүн  утуйа сытар кырачаан кыыс ийэтэ үтүрүйбүтүттэн орон уонна истиэнэ икки ардынааҕы хайаҕаһынан  ититии ситимигэр түспүт. Турба 78 кыраадыс итии буолан, оҕо барахсан  тута өлөөхтөөбүт. Суут кэмигэр элбэх оҕолоох ийэ буруйун толору билиммит. Кулун тутар 27 күнүгэр Усуйаанатааҕы оройуоннааҕы суут  быһаарбытынан, Арассыыйа Федерациятын холуобунай кодексатын 109 ыст. 1 ч. сэрэҕэ суох буолууттан өлүүгэ тиэрдии иһин алта ыйга көҥүлэ хааччахтаммыт. Ол курдук бу кэм устата кини Усуйаана улууһуттан ханна да барбат уонна олорор сирин көҥүлэ суох уларытара бобуллубут.

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Күөсчүт – дириҥ силистээх идэ

Киһи аймах туой иһити неолит кэмиттэн, саҥа таас үйэттэн оҥостор, туттар буолбут. Саха омук даҕаны…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Кураанахха ипотека харчытын төлүүллэр: Күлүү гыммыт курдук, 334 солк. төнүннэрдэ…

2021  сыллаахха  түөрт оҕолоох Даниловтар дьиэ кэргэн Уһук Илиҥҥи ипотека бырагырааматыгар киирсэн уһаайба атыыласпыттара, «Килбиэнстрой»…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Интервью
  • Сонуннар

Буойун-суруналыыс “Zиппо”

Хаһыаппыт бүгүҥҥү ыалдьыта, дьоруойдуу быһыы, бойобуой доҕордоһуу диэн тугун бэркэ билэр, биһиги биир идэлээхпит, кэллиэгэбит,…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саҥа дьылы көрсөргө бэлэмнэнэбит

Эдэриттэн эмэнигэр тиийэ саҥа сылы кытта хайаан даҕаны үтүө, кэрэ кэлиэҕэ, эһиил быйылгытааҕар өссө ордук…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сиэр-майгы: Мин билэр буоллум да…

Кистэл буолбатах, үгүстэргэ “мин билэр буоллум да, киһи барыта билиэхтээх” диэн өйдөбүл иҥэн хаалбыт. Билбэтин…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох сиринэн -21-26°С кыраадыс тымныы буолуоҕа

Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ баһыйар үгүс өттүгэр кыралаан хаардыаҕа. Халымаҕа, Аллайыахаҕа хаар сөбүгэр түһүөҕэ.…

8 часов ago