Эр дьон: “Тугу бэлэхтиибит?»

Эр дьон: “Тугу бэлэхтиибит?»

07.03.2024, 12:00
Хаартыска: Людмила Попова.
Бөлөххө киир:

Билигин даҕаны балачча элбэх эр киһи ийэлэригэр, кэргэттэригэр, оҕолоругар, биир идэлээхтэригэр тугу бэлэхтииллэрин туһунан толкуйдуу сылдьар буолуохтаахтар. Кинилэргэ сүбэлии таарыйа кыратык ыйытык түмүгүн билиһиннэриэххэ сөп.

Арассыыйаҕа ыытыллар ыйытыктар түмүктэриттэн көстөрүнэн, кэлин эр да дьон, дьахталлар даҕаны күннээҕи олоххо туһалаах бэлэҕи ылыахтарын баҕараллара үксээн иһэр. Ити курдук, ыйытыкка кыттыбыт дойду кэрэ аҥаардарын 34% Аан дойдутааҕы дьахталлар бырааһынньыктарыгар күннээҕи  олоххо туттуллар бэлэх ылыаҕын баҕарарын эппит. Онтон 21 % соһуччу бэлэҕи (сюрприз) кэтэһэр эбит. Үгэс быһыытынан олохсуйбут сибэккини, минньигэһи, сирэй-харах оҥостор нобуору 15 % ылыан баҕара көстүбүт. Эмиэ итиччэ бырыһыан ураты бэлэҕи эрэйэллэрин ыйбыттар. Хоруйдааччы 12 % эрэ туох даҕаны бэлэҕи эрэйбэппин диэбит.

Онон өскөтүн Дьахталлар бырааһынньыктарыгар бэлэххин өссө даҕаны атыылаһа, толкуйдуу илик буоллаххына бу сүбэни тутус. Букатын кыаллыбат түгэнигэр сибэкки дьөрбөтүн ууннаххына ханнык баҕарар кыыс аймах үөрүүнэн ылыаҕа.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -40°C
  • Ощущается: -47°Влажность: 67% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: