Эр дьоҥҥо аналлаах ураты кэнсиэр буолла

Эр дьоҥҥо аналлаах ураты кэнсиэр буолла

21.11.2022, 19:00
Бөлөххө киир:

Сэтинньи 20 күнүгэр “Сэргэлээх уоттара” култуура киинигэр ураты кэнсиэр буолан ааста. С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан Национальнай үҥкүү тыйаатырын артыыһа, СӨ култууратын туйгуна Дьулустаан Харлампьев “Өбүгэ үгэһэ” диэн айар киэһэтэ буолла.

Кэнсиэр уратыта тугуй? Бу киэһэ бары уолаттар, эр дьон эрэ кытыннылар. Эр киһи кутун-сүрүн бөҕөргөтөр, санаатын көтөҕөр ырыалар ылланнылар, үҥкүүлэр көрдөрүлүннүлэр. Аан бастаан Виталий Очиров тахсан алҕаан намылытта, түптэ сыта дыргыйда, сайылыгы санатта. Эбиитин киирэргэ хас биирдии көрөөччүгэ «Байанайдаах буол!» диэн Байанай харысхалын бэлэх ууннулар. Дьулустан Харлампьев толорбут үҥкүүлэрэ уонна уобарастара, гостуруолларга сылдьыбыт хаартыскаларыттан быыстапка турбута эмиэ кэрэхсэбиллээх.

Аскалон Павлов “Эр Хоһуун буол!”, “Иннибит диэки!”, Кэскил Баишев “Саҕахтан – саҕахха”, “Былаах”, Виталий Очиров “Өбүгэ үгэһэ”, “Сааскы этиҥ”, Георгий Слепцов-Чаҕылхан, Иннокентий Васильев, Артур Семенов, Александр Карманов, уо.д.а. өрө көтөҕүллүүлээх ырыалары ыллаатылар, хомуска дьүһүйдүлэр.

Үҥкүү тыйаатырын эр дьонун бөлөҕө, “Аар Аартык”, “Гулун”, “Өркөн”, “Эрэл”, “Умсан”, “Тэлээрис” үҥкүү ансаамбыллара “Боотурдар үҥкүүлэрэ”, “Саха оонньуулара”, “Ойуун”, “Сүр көтөҕүүтэ”, “Кыыл Таҥара”, “Булчуттар”, “Дүҥүрдээх үҥкүү”, “Тыва истиэбигэр”, о.д.а. тэтимнээх, эрчимнээх үҥкүүлэри көрдөрдүлэр.

Дьулустан Харлампьев удьуор үҥкүүһүт уонна үҥкүүнү туруорааччы. Оҕо эрдэҕиттэн муусука, үҥкүү эйгэтигэр улааппыта, спордунан дьарыктаммыта. Төрөппүттэрэ Александра Николаевна уонна Дмитрий Григорьевич Харлампьевтар айар үлэлэрин Судаарыстыбаннай үҥкүү ансаамбылыттан саҕалаабыттара. Билигин З.К. Степанов аатынан Кэбээйитээҕи оҕо ускуустубатын оскуолатыгар үлэлииллэр.

Ол да иһин, кинини өйөөн, аҕата, кэргэнэ, оҕолоро, балта, хас да көлүөнэ Харлампьевтар сыанаҕа тахсан, көрөөччүнү барытын туруоран, үтүгүннэрэн, “Кэбээйи оһуора” хамсаныылары көрдөрдүлэр. Оттон кэргэнэ Юлиана Дьулустаанныын хотугу үҥкүүнү үҥкүүлээтилэр, бу кэнсиэркэ кини соҕотох кэрэ аҥаар буолла. Кини билигин «Гулун” ансаамбыл кэлэктиибигэр ситиһиилээхтик үҥкүүлүүр.

Түмүккэ СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Михаил Винокуров оһуокай тылын таһааран, көрөөччүлэр бука бары эрээттэринэн туран, тоҥонохтон тутуһан, халҕаһа-халҕаһа буолан, астына-дуоһуйа оһуокайдаатылар.

Дьулустааны Үҥкүү тыйаатырын дириэктэрэ Александр Алексеев, Кэбээйи улууһун салалтата, Дьокуускайга олорор Кэбээйи улууһун землячествотын салайааччыта, үҥкүү уһуйааччылара, оскуолаҕа, кэллиэскэ бииргэ үөрэммит табаарыстара, ийэтин-аҕатын бииргэ төрөөбүттэрэ, аймах билэ дьоно, доҕотторо-атастара чиэстээтилэр. Бүтэһигэр Дьулустааҥҥа Кэбээйи нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо диэн үрдүк аат бэрилиннэ.

Онон эдэр артыыс бастакы айар киэһэтэ ситиһиилээхтик ааста, көрөөччүлэр сахалыы тыыннаах тэрээһинтэн астынан тарҕастылар.

Ыспыраапка

Дьулустаан Харлампьев оҕо эрдэҕиттэн үҥкүүлээн, элбэх куонкурустарга лауреат аатын ылбыта. 2005 сыллаахха култуура, ускуустуба коллеһын бүтэрбитэ. Бу кэмтэн Национальнай үҥкүү тыйаатырыгар артыыһынан үлэлиир, үгүс испэктээкиллэргэ, туруорууларга үҥкүүлээбитэ. Ону тэҥэ, бэйэтэ эмиэ улахан ыһыахтарга, спартакиадаларга, о.д.а. үҥкүүлэри туруорар.

Тыйаатыр састаабыгар киирсэн, Москва, Санкт-Петербург куораттарга, Бельгияҕа, Францияҕа, Турцияҕа буолбут аан дойдутааҕы бэстибээллэргэ кыттыбыта.

Билигин С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан Национальнай үҥкүү тыйаатырыгар үҥкүүлүүр, ХИФУ-га “Умсан” үҥкүү бөлөҕүн салайар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
2 декабря
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 69% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: