Салгыы
“Эр хоһуун” кэмпилиэгинэн хааччыйа олоробут

“Эр хоһуун” кэмпилиэгинэн хааччыйа олоробут

12.04.2023, 09:45
Хаартыска: ааптар тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ   Тааттаҕа олус  элбэх үлэ оҥоһулунна. Таатта — биһиэхэ үһүс улахан улууспутунан  буолар. Бу иннинэ Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас улуустарын кытта сибээс олохтоон, кэлэн көрөн-истэн,  үөрэнэн барбыттара. Мэҥэ Хаҥаласка  бэйэбит тахса сылдьыбыппыт, билигин биһигини кытта тэҥҥэ тигэ олороллор.

Талыы талба Таатта дьоно олус  намыын, холку, сомоҕоһуулаах  дьон буолалларын уруккуттан да билэбит. Бу сырыыга тапталлаах Тааттабыт дьоно, Далбар хотуттара биһигини наһаа үчүгэйдик көрүстүлэр, хас биирдии кэлбит ийэ, эбэ байыаннай эпэрээссийэҕэ  сылдьар оҕолоругар бэйэлэрин сылаас илиилэринэн  таҥас тигэргэ, көмөлөһөргө баҕалаахтарын, бэлэмнэрин көрдөрдүлэр.  Икки күн устата күүстээх үлэ үлэлэннэ. Маҥнайгы күҥҥэ нэһилиэктэртэн 27 киһи кэлэн кытынна, иккис күнүгэр улуус кииниттэн, Дьохсоҕонтон уопсайа 20 киһи кэлэн үөрэннэ, иистэннэ. Ол иистэнии түмүгэр “Эр хоһуун” диэн  9 кэмпилиэк тигиллэр буолла.

Улуус, нэһилиэк дьаһалталара байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар уолаттарыгар  болҕомтолоохторо мантан көстөр, маннык улахан суолталаах, наадалаах үөрэҕи ыытарга дьоннорун түмэ тардан, мунньан улахан тэрээһини тэрийбиттэригэр барҕа махтал.

Үлэ салҕанар. Билигин атын улуустарынан эмиэ итинник киэҥ далааһыннаах үөрэхтэр салҕанан бараллар. Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ! Хас нэһилиэк, улуус бары бу холобуру батыһан,  байыаннай эпэрээссийэҕэ  сылдьар буойуттарын  таҥаһынан хааччыйдахтарына  улахан көмө буолар.

Билигин биһиги,  Дьокуускай куоракка «Илии сылааһа» диэн ийэлэр өрөспүүбүлүкэтээҕи  хамсааһыннара, байыастарга көмө буолан, айа-тута, үлэлии-хамныы олорбуппут  номнуо сыл аҥаара буолла.  Ол былаһын тухары хас эмэ сүүс кэмпилиэги тигэн оҕолорбутугар көмөлөстүбүт. Манна сыһыаран эттэххэ, биһигини Орджоникидзе 10  аадырыска баар, соторутааҕыта тэриллибит  иис сыаҕын кытта бутуйаллар,  ол атын.   Биһиги Дзержинскэй 76-гар тигэ олоробут, күннэтэ уолаттар быһа  сакаастарынан  кэмпилиэк толору тигиллэн, илиилэригэр ылан баралларын хааччыйабыт.

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
5 ноября
  • -19°C
  • Ощущается: -25°Влажность: 78% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: