“Эр хоһуун” кэмпилиэгинэн хааччыйа олоробут

Share

Бу күннэргэ   Тааттаҕа олус  элбэх үлэ оҥоһулунна. Таатта — биһиэхэ үһүс улахан улууспутунан  буолар. Бу иннинэ Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас улуустарын кытта сибээс олохтоон, кэлэн көрөн-истэн,  үөрэнэн барбыттара. Мэҥэ Хаҥаласка  бэйэбит тахса сылдьыбыппыт, билигин биһигини кытта тэҥҥэ тигэ олороллор.

Талыы талба Таатта дьоно олус  намыын, холку, сомоҕоһуулаах  дьон буолалларын уруккуттан да билэбит. Бу сырыыга тапталлаах Тааттабыт дьоно, Далбар хотуттара биһигини наһаа үчүгэйдик көрүстүлэр, хас биирдии кэлбит ийэ, эбэ байыаннай эпэрээссийэҕэ  сылдьар оҕолоругар бэйэлэрин сылаас илиилэринэн  таҥас тигэргэ, көмөлөһөргө баҕалаахтарын, бэлэмнэрин көрдөрдүлэр.  Икки күн устата күүстээх үлэ үлэлэннэ. Маҥнайгы күҥҥэ нэһилиэктэртэн 27 киһи кэлэн кытынна, иккис күнүгэр улуус кииниттэн, Дьохсоҕонтон уопсайа 20 киһи кэлэн үөрэннэ, иистэннэ. Ол иистэнии түмүгэр “Эр хоһуун” диэн  9 кэмпилиэк тигиллэр буолла.

Улуус, нэһилиэк дьаһалталара байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар уолаттарыгар  болҕомтолоохторо мантан көстөр, маннык улахан суолталаах, наадалаах үөрэҕи ыытарга дьоннорун түмэ тардан, мунньан улахан тэрээһини тэрийбиттэригэр барҕа махтал.

Үлэ салҕанар. Билигин атын улуустарынан эмиэ итинник киэҥ далааһыннаах үөрэхтэр салҕанан бараллар. Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ! Хас нэһилиэк, улуус бары бу холобуру батыһан,  байыаннай эпэрээссийэҕэ  сылдьар буойуттарын  таҥаһынан хааччыйдахтарына  улахан көмө буолар.

Билигин биһиги,  Дьокуускай куоракка «Илии сылааһа» диэн ийэлэр өрөспүүбүлүкэтээҕи  хамсааһыннара, байыастарга көмө буолан, айа-тута, үлэлии-хамныы олорбуппут  номнуо сыл аҥаара буолла.  Ол былаһын тухары хас эмэ сүүс кэмпилиэги тигэн оҕолорбутугар көмөлөстүбүт. Манна сыһыаран эттэххэ, биһигини Орджоникидзе 10  аадырыска баар, соторутааҕыта тэриллибит  иис сыаҕын кытта бутуйаллар,  ол атын.   Биһиги Дзержинскэй 76-гар тигэ олоробут, күннэтэ уолаттар быһа  сакаастарынан  кэмпилиэк толору тигиллэн, илиилэригэр ылан баралларын хааччыйабыт.

 

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Эбээ Маайа» ханаала биэс сааһын бэлиэтээтэ

Ньурбаҕа "Эбээ Маайа" ханаал тэриллибитэ биэс сылын бэлиэтээтилэр. 2019 с. дойдуга Тыйаатыр сылыгар СӨ үтүөлээх…

26 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Кэнсиэртэн киирбит үп байыаннай дьайыыга ыытыллыа

Кэбээйи улууһугар  биллэриллибит “Бары бииргэ” Аахсыйаҕа Чагдатааҕы  “Тускул” сынньалаҥ киинэ кыттыста. [gallery ids="165402,165403"] Ньидьили нэһилиэгэр…

41 минута ago
  • Сонуннар

Ил Дархан нэдиэлэтэ: Айсен Николаев үлэтин сүрүн түгэннэрэ

Алтынньы ый 28 күнэ. Ил Дархан Дьокуускай баһылыга Евгений Григорьевы кытта дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин…

56 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Сииттэҕэ «Олоҥхо дойдутун оҕотобун» күрэхтэһии ыытылынна

Норуоттар сомоҕолоьууларын күнүгэр Сииттэ нэһилиэгэр олохтоох култуура дьиэтин үлэһиттэрин көҕүлээһиннэринэн, "Олоҥхо дойдутун оҕотобун" диэн күрэхтэһии…

1 час ago
  • Сонуннар

“Смотри, это Россия!” Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска 72 эрэгийиэнтэн сайаапка киирбит

“Смотри, это Россия!” Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска 72 эрэгийиэнтэн 460 сайаапка киирбит. Куонкурус бэһис сезонугар видеороликтары…

1 час ago
  • Быһылаан

Автосервис маастара оҥоро ылбыт массыынатынан айаннаабыт

Дьокуускайга автосервис клиена полицияҕа сайабылыанньа суруйбут. Эр киһи ыйыллыбыт күҥҥэ өрөмүөн кэнниттэн массыынатын ыла тиийбит,…

2 часа ago