Салгыы
Эр хоһууннар иитиллэр кыһалара

Эр хоһууннар иитиллэр кыһалара

14.05.2023, 09:00
Ааптар хаартыската.
Бөлөххө киир:

Дьокуускайдааҕы кадеттар оскуолаларыгар былырыын сылдьан турардаахпын. Оччолорго саҥа оскуола сыбаайата да түһэ илигэ. Кыайыы күнүн иннинэ, пресс-тур диэн хайысханан элбэх суруналыыс буолан, Дьокуускай куорат биир уһугар, Мархаҕа, кадеттар үөрэнэр интэринээт-оскуолаҕа тиийдибит. Сөрүүн тыаллаах, ол эрэн, чаҕылхай күннээх. Оскуола тиэргэнигэр киирбиппит, оҕолор парааттыыр мааны таҥастарын кэтэн строевойунан хаама, сорохтор барабааннаан, бэлэмнэнии үлэтэ күөстүү оргуйа турар.

САҤА ОСКУОЛА ДЬЭНДЭЙИЭҔЭ

Оскуола олбуоругар биһигини дириэктэр Алексей Корякин, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Дария Кириллина көрүстүлэр. Тиэргэҥҥэ саҥа оскуола сыбаайата ааспыт сыл сэтинньитигэр түспүтэ. Онон олбуор иһигэр эргэ көтүрүллүбүт тутуулар чөмөхтөрө кыстаммыт. Ол быыһыгар тутуу үлэтэ тигинэччи бара турар. Эһиил, 2024 сылга, үс этээстээх 200 миэстэлээх үөрэнэр куорпус, ону сэргэ 125 миэстэлээх интэринээттээх оскуола тутуллан үлэҕэ киириэхтээх. Тутууну «ТСК+» ХЭУо ааспыт сыл сэтинньититтэн тута сылдьар. Бу туһунан тэрилтэ прораба Александр Антипин сырдатта:

– Цокольнай этээстэри бетоннуу сылдьабыт. Бу саамай уустук үлэбит буолар. Онтон дьэ, иккис, үһүс этээс­тэри дьэндэтэн барыахпыт. Оскуола уопсайа үс этээс­тээх буолуохтаах. Маны сэргэ олбуор­га киириигэ КПП тутулла турар уонна носуос ыстаансыйата, стадион оҥоһуллуох­таах. Оскуола олбуора саҥалыы күрүөлэниэҕэ. Билиҥҥи туругунан, үлэ былаан быһыытынан баран иһэр, кыраапыктан хаалыы суох. Бетоммутун бэйэбит оҥоробут, бэйэбит кутабыт. Тиэхиньикэлэрбит саҥалар.

Тутуу үлэтэ күөстүү оргуйар

КЫАЙЫЫ ПАРААДЫН СҮРҮННЭЭЧЧИЛЭР

Кыайыы параадыгар ба­­йыаннай таҥастаах оҕолор дьоһуннаахтык туттан строе­войунан хаамалларын, барабаанныылларын көрөн, киһи бырааһынньык тыынын билэр. Үөрэнээччилэр бары биир тэҥник, биир киһи курдук хаамаллара үгүс сыраны эрэ­йэр буол­лаҕа.

Оскуола дириэктэрэ Алексей Корякин санаатын үллэһиннэ:

– Оскуолабытыгар уоп­сайа 7-11 кылааска диэри өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан 140 оҕо интэринээккэ олорон үөрэнэр. Кэлэктииппитигэр 40 учуутал үлэлиир. Строевой көрүү чэрчитинэн оҕолорбут бөлөхтөрүнэн арахсан ыам ыйын 8 күнүттэн хойутааһына суох болуоссакка тахсан кыттыахтара. Ол курдук «Альфа» диэн сутуругунан киирсээччилэр (рукопашнай бой) уонна барабанщиктар кыттыахтара. Ону таһынан, линейнэйдэр параа­ты сүрүннүүллэр. Маны сэргэ харабылга оҕолорбут эмиэ тураллар, онон Кыайыы параа­дын тэрээһинигэр оскуолабыт оҕото бары кыттыыны ылар. Параат иннинэ күҥҥэ үстэ-түөртэ бэлэмнэнии буолар. Оскуолабытыгар «Юный командир» диэн бырагыраама чэрчитинэн туһаа­йыы үлэтэ ыытыллар. Ол курдук, «Военные-полевые учебные сборы», «Черный берет» диэн бырайыактар ситиһии­лээхтик үлэлииллэр. Маны таһынан, «Основы военной службы» диэн биридимиэт баар. Бырагыраамата РФ Конституциятын уонна «Үөрэх туһунан» (Об образовании) Федеральнай со­­куон чэрчитинэн ыытыллар. РФ Оборуонаҕа министиэ­ристибэтин көҕүлээһининэн, 59 тыһыынча нэһилиэнньэлээх куораттарга «Авангард» байыаннай-патриотичес­кай кииннэри тэрийии туһунан үлэ ыытыллар. Бу чэрчитинэн Нерюнгри оройуонугар «Авангард» киини тэрийии туһунан былаан баар. Биһиги оскуолабыт иһинэн үлэлиир «Авангард» байыаннай-патрио­тическай үөрэтэр-мэтэдиичэскэй киин туох-­баар байыаннай-патриотическай хайысханы, «Юнармия» са­­лааларын уонна байыаннай-патриотическай иитиигэ үлэлэри тэрийэр.

БАЙЫАННАЙ ТИЭХИНЬИКЭ

Оскуола олбуоругар байыаннай тиэхиньикэ кырыы-кырыытынан кэккэлэспит. «Авангард» байыаннай-патриотическай үөрэтэр-методическай киин салайааччыта Роман Попов санаатын үллэһиннэ:

– Туох-баар байыаннай-патриотическай хайысханы, «Юнармия» салааларын уонна байыаннай-патриотическай иитиигэ үлэлэри биһиги тэрийэбит. Быйыл биһиэ­хэ Сахабыт сирин бырабыыталыстыбатын өйөбүлүнэн, Оборуона министиэристибэтин бирикээһинэн 28 байыаннай тиэхиньикэ 14 көрүҥэ кэлбитэ. Бу кэлбит тиэхиньикэ аҥаара Кадетскай оскуолаҕа уонна куораппытыгар, Кыайыы болуоссатыгар өйдөбүнньүк быһыытынан туруорулуннулар. Маннык тиэхиньикэлэринэн оскуолабыт хааччыллыыта оҕолорбутугар байыаннай тиэхиньикэни билиһиннэриигэ туһалыыр. Ону таһынан, РФ Сэбилэниилээх Күүстэрин устуоруйатын билэллэригэр эмиэ көмөлөөх. Инникитин дьон-сэргэ кэлэн көрөрүгэр анаан эмиэ былаһаакка бэлэмниэхпитин баҕарабыт. Илиҥҥи байыаннай уокурук уонна РФ Сэбилэниилээх Күүстэринэн өйөбүлүнэн оскуолабытыгар оҕолору тактическай, разведывательнай бэлэмнэниигэ үөрэтэр босуобуйалар, оҕолор дьарыктаналларыгар, хомуурга сылдьалларыгар анаан ба­­йыаннай балааккалар, сэп-сэбиргэл, тэрил арааһа кэлбитэ.

САЙААПКАЛАРЫ ХОМУЙАН САҔАЛААТЫБЫТ

«Авангард» байыаннай-патриотическай үөрэтэр-методическай киин салаатын ин структора, старшай лейтенант Симона Томская сайыҥҥы хомуур туһунан иһитиннэрдэ:

– Дьокуускайдааҕы кадетскай интэринээт-оскуола эдэр учууталларын «Темп» диэн ассоциацията «Арсенал» диэн байыаннай-үөрэтэр, дьарык­тыыр хомууру тэрийэр сүрүн бырайыактаах. Бу тэрээһиммит аан бастакытын былырыын бэс ыйыгар ыытыллыбыта. Манна уопсайа өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан, ону сэргэ Чукотскай автономнай уокуруктан 40-ча оҕо кыттыыны ылбыта. Бырайыакпыт сүрүн сыала – чөл олоҕу өрө тутуу, байыаннай бэлэмнэнии, уол оҕону иитии. Хомуурбут күнүскү эрэ өттүгэр уон хонук устата ыытыллыбыта. Лааҕыр курдук буолбатах. Оҕолор сарсыарда кэлэн дьарыктанан баран киэһэ ­дьиэлииллэр этэ. Бырагыраама быһыытынан күннэрэ сарсыардааҥҥы сэрээккэнэн саҕаланара, эбиэк­кэ диэри оҕолору идэҕэ туһаа­йыыга дьарык­таналлара. Ол курдук, аптамааты ыһан баран хомуйууга, буулдьанан ытыыга о.д.а. көрүҥнэргэ дьарыктар этэ. Онтон эбиэттэн киэһэ ЫБММ, Росгвардия, УФСИН үлэһиттэрэ, кинологтар кэлэн оҕолорго маастар-кылаастары ыыталлара. Маны таһынан, оҕолорго успуорт национальнай көрүҥнэригэр, байыаннай эстафеталары, тактичес­кай көрүҥнэргэ күрэхтэ­һиилэри ыыппыппыт. Бу 40 оҕо сылдьыбытыттан хомуур түмүгүнэн оскуолабытыгар эксээмэн туттаран үс оҕо сэттис кылааска уонна биир оҕо тохсус кылааска киирбиттэрэ. Төрөппүттэр иһитиннэрбиттэринэн, оҕолор хомуурга сылдьан бэлэмнээх буолан, эк­­сээмэни этэҥҥэ туттарбыттар. Оскуолаҕа киириигэ, бастатан туран, математика, нуучча тыла уонна физкултуура биридимиэттэрин туттараллар. Тэрээһиннэрбитин инструктордарбытын таһынан успуорт маастардара кэлэн ыытыһаллар. «Комбат» диэн пейнтбольнай кулуубу кытта бииргэ ыыппыппыт. Хомуур бүтүүтэ оҕолорго сэртипикээт туттартаабыппыт. Онно БАМБЛБИ диэн роботы аҕалан оҕолору сэргэхсиппиппит. Робот оҕолорго киэҥник биллэр. Бу сыл бэс ыйыгар хомуурбутун эмиэ былаанныыбыт. Онон сайаапкалары баҕалаахтартан хому­йан саҕалаан эрэбит.

ОҔОЛОР ДЬУЛУҺАР ИСТИЭНДЭЛЭРЭ

Оскуола истиэнэтигэр «Черные береты» диэн оҕолор ааттара-суоллара ыйыллан хаартыскалардаах истиэндэни ааспыт күһүн көрөн ааспытым. Бу сырыыга истиэндэҕэ хаартыска ахсаана эбиллибит курдук. Манна үөрэнэр оҕо барыта ити хара береттээхтэр кэккэлэригэр кии­риэн баҕарар эбит. Ол да иһин хас да оҕону кытта кэпсэппиппэр, «Хара береттэргэ баарбын» диэн киэн тутта эппитин иһиттим. Манна кинилэр байыаннай успуорт нуорматын туттараллар. Түөрт түһүмэхтээх тургутугу ааспыт, чахчы бэ­­йэтин кыанар оҕо «хара береттэр» кэккэлэригэр киирэр эбит. Оҕолор ханнык тургутугу ааһыахтаахтарын испии­һэгэ истиэндэҕэ ыйанан турар. Буулдьа саанан ытыы, пластунскайдыы сыыллыы, илиилэригэр аптамаат­таах чохчоохой­доон 50 миэтэрэни хаамыы, сутуругунан киирсии көрүҥнэрин көрдөрүү, перекладинаҕа тардыныы. Бу барыта бириэмэҕэ оҥоһуллар эбит. Түмүгэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга хара береттэри кэтэрдии долгутуулаах түгэнэ буолар эбит. Оҕо туохха эрэ дьулуһар хайыс­халааҕа кинини эппиэтинэскэ уонна дьулуурдаах буоларга сүрүннүүрэ чуолкай. ­

Роберт Дьячковскай, 7-с кылаас үөрэнээччитэ:

– Мин 7 «а» кылааска үөрэнэбин. Булуҥ улууһуттан кэлбитим. Атын оскуолаларга тэҥнээтэххэ, биһиэ­хэ бэрээдэк кытаанахтык тутуһуллар. Бииргэ төрөөбүт убайым бу оскуолаҕа үөрэммитэ, ол иһин кинини үтүктэн бу оскуолаҕа кэлэргэ быһаарыммытым. Интэринээккэ олоробун. Сарсыарда алта аҥаартан күммүт саҕаланар. Сэрээккэлиибит, сэттэ аҥаарга сарсыардааҥҥыбытын аһаан баран аҕыс аҥаартан үөрэнэ барабыт. Буоксанан дьарыктанабын, ону сэргэ барабаанныыбын. Улааттахпына, байыаннай буолуохпун баҕарабын.

Кирилл Степанов, 11-с кылаас үөрэнээччитэ:

– Кыра сааспыттан байыаннай буолуох­пун баҕарар буоламмын, бу оскуо­лаҕа туттарсан киирбитим. Мас тардыһыытынан дьарыктанабын, ону сэргэ футболу сэргиибин. Оскуоланы бүтэрдэхпинэ, байыаннай үөрэххэ туттарсыахпын баҕарабын. Хос эбээм сэрии оҕото буолар. Онон бу сотору буолуохтаах Улуу Кыайыы күнүн олус ытыктыыбын уонна параакка кыттарбынан киэн туттабын.

Сайдам Корякин, 10-с кылаас үөрэнээччитэ:

– Манна сэттис кылаастан үөрэнэбин, Хаҥалас улууһун Нөмүгү нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Оскуола бэрэсидьиэнэбин, хара береттээхпин. Бастаан самбонан дьарыктанар этим. Онтон баһаарынай-прикладной успуорт көрүҥүнэн дьарыктаммытым. Билигин футболунан үлүһүйэбин. Оскуоланы бүтэрдэхпинэ, быыһааччы эҥин идэтигэр туттарсыахпын баҕарабын. Уопсайынан, байыаннай хайысханы тутуһуом дии саныыбын. Кадетскай оскуолаҕа үөрэнэр оҕолор, биһиги, эппиэтинэстээх, кыра сааспытыттан бэйэбитин көрүнэ сылдьар буоламмыт, атын оскуолаҕа үөрэнэр бэйэбит саастыылаахтарбытыттан өй-санаа өттүнэн эрдэ ситэбит быһыылаах.

Спартак Корнилов, 8-с кылаас үөрэнээччитэ:

– Ленскэй оройуонуттан кэлбитим. Маннык оскуола баарын билбэт этим. Алтыска үөрэнэ сырыттахпына, эбэм маннык оскуола баарын билэн миэхэ кэпсээбитэ. Тута олус ымсыырбытым уонна туттарсарга быһаарыммытым. Төрөппүттэрим манна, куоракка, көһөн кэлбиттэрэ. Сэттис кылаастан тустуунан дьарыктанан эрэбин. Оскуоланы бүтэрдэхпинэ, Санкт-Петербурдааҕы судаарыстыбаннай университекка гражданскай авиация үөрэҕэр туттарсыахпын баҕарабын.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
10 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: