Юрий Никифоров: «Эр хоһууттарбыт этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр эрэнэбит!»

Юрий Никифоров: «Эр хоһууттарбыт этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр эрэнэбит!»

Ааптар:
24.11.2022, 13:00
Бөлөххө киир:

Итинник эрэл санаатын этэн туран, «Хаҥалас улууһа» муниципальнай оройуон баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Юрий Никифоров дойду байыаннай чаастарыгар ытык иэстэрин толоро барбыт дьонноругар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр улуус ыытар үлэтин туһунан кэпсээтэ.

— Хаҥалас улууһуттан 146 киһи быстах хомуурга, 24 киһи бэйэтин баҕа санаатынан салайтаран дойду байыаннай чаастарыгар ытык иэстэрин толоро барбыттара. Бу уолаттарбыт дьиэ кэргэттэрин үп-харчы да өттүнэн, дьиэҕэ-уокка да көмө өттүнэн өйүү сылдьабыт.
Ол курдук, улуус дьаһалтатын саппаас пуондатыттан байыас дьиэ кэргэнигэр 10 тыһ. солкуобай уонна 18 сааһын ситэ илик хас биирдии оҕотугар 5 тыһ. солкуобай төлөнөр. Бу биирдэ төлөнөр харчынан көмө буолар.
Маны сэргэ, улууспутугар аһымал пуондата арыллыбыта. Манна тэрилтэлэр, биир дойдулаахтарбыт харчынан көмөлөрүн ыыталлар. Бу киирбит көмөттөн саллаакка бэйэтигэр 10 тыһ. солкуобайы ыытабыт. Бүгүҥҥү күн туругунан улахан аҥаара көмө харчыны ыллылар, докумуоннар өссө да чуолкайдана сылдьаллар.

Маны таһынан, нэһилиэктэргэ дьоммут дьиэ кэргэттэригэр муус ыллыбыт, муҥха балыгыттан бэристибит итиэннэ хайа да өттүнэн көмөлөһө сылдьабыт. Хорсун санаалаах саллааттарбыт дьиэ кэргэттэрэ соҕотохсуйбаттарын, тулаайах курдук санамматтарын туһугар кыһаллабыт. Эр хоһууттарбыт этэҥҥэ эргиллэн кэлиэхтэрэ диэн эрэнэбит!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: