Эр киһи дьиэ үрдүттэн суулунна
Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ 8 буруйу оҥоруу бэлиэтэннэ. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр.
Мииринэй уонна Ленскэй оройуоннарга уопсайа 1,8 мөл. солк. суумалаах түөкүннээһин туһунан буруйунан холуобунай дьыала тэрилиннэ. Бу икки түбэлтэҕэ түөкүттэр баан үлэһиттэрэбит диэннэр угаайыга киллэрбиттэр.
Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар быраабы араҥаччылыыр үлэһити утары күүһүнэн өттөйүү түбэлтэтэ бэлиэтэннэ.
Дьокуускай куоракка матассыыкылы уоран илдьэ барбыттарын туһунан иһитиннэрии киирдэ.
1980 с.т. киһи Дьокуускайга Мархиҥка уулуссатыгар тутулла турар дьиэ иккис этээһиттэн сууллан түһэн, эт-хаан эчэйиитин ылан, балыыһаҕа киирдэ.
Бүлүү оройуонугар Бүлүү өрүскэ балыктыы сылдьан 1970 с.т. киһи ууга былдьанна. Өлүгэ көстө илик.
Суукка иһигэр икки техногеннай баһаар таҕыста, эчэйбит, өлбүт киһи суох.
Киһи эчэйиилээх суол быһылаана тахсыбыта бэлиэтэммэтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: