Эр киһи уйана-хатана биллэр кэмэ кэллэ…

Эр киһи уйана-хатана биллэр кэмэ кэллэ…

25.11.2022, 10:00
Бөлөххө киир:

Баҕа өттүнэн Украинаҕа иккитэ төхтүрүйэн быстах хомуурга, анал эпэрээссийэҕэ баран кэлбит, ууну-уоту ортотунан, сибиньиэс ардаҕын аннынан, уопсайа, сыл аҥаара курдук сылдьыбыт Иосиф Слепцову кытары кэпсэтиини таһаарабыт.

 

Бастакы бойобуой сүрэхтэнии

Аан бастаан олунньу 24 күнүгэр байыаннай эпэрээссийэ саҕаламмытыгар барарга быһаарыммытым. Ол кэмҥэ баҕа өттүнэн дьону хомуйалларын билбэт этим. Онтон муус устарга биир та­­баарыһым барбытын истибитим уонна байаҥкамаакка тиийбитим. Сэбиэскэй Сойууска төрөөбүт, улааппыт, ол кэмнээҕи идеологияҕа иитиллибит, патриотическай санаалаах, идейнэй киһи буолан, хомуурга барарга санаммытым. Байаҥкамаакка тиийбиппэр, докумуоҥҥун хомуй диэн ыыппыттара. Сып-сап хомуйан туттарбытым кэннэ, күүт диэбиттэрэ.

Онтон муус устар бүтэһигэр 24 буоламмыт айаннаабыппыт. Бастаан Хабаровскайга, онтон хас да эрэгийиэнинэн эргийэн, дьон хомуйан, Ростовка тиийбиппит. Онно тиийэн хантараак баттаспыппыт, байыаннай пуорма ылбыппыт уонна полигоҥҥа олорон үс күннээх бэлэмнэниини ааспыппыт. Ол кэнниттэн ыам ыйыгар Саха сириттэн барбыт 24 киһи «Барс-1» этэрээккэ холбоһон, кыраныыссаны туорааммыт, Донецкай уобалаһынан Запорожьеҕа тиийбиппит. Онно тиийэн, окуопаҕа сытан дьэ бо­­йобуой  «сүрэхтэниини» ааспыппыт. Бу сүрүннээн «позиционнай» сэрии – минометунан, артилле­риянан, гранатометунан ытыалаһыы. Бандеровецтары кытары тутуһан туран киирсии да баара.

Төгүрүктээһинтэн тахсыы уонна ыалдьыы…

Биирдэ биһиги 27 киһилээх взводпут биир позицияҕа сыттаҕына, ыам ыйын 14 күнүгэр улахан кыргыһыы буолбута, онно сахалар үс этибит. Анараа өттүттэн 280 десантнай-штурмовой биригээдэ 10-тан тахса тааҥканан киирэн, тыҥааһыннаах киирсии буолбута, төгүрүктээһинтэн нэһиилэ тахсыбыппыт, үс киһибит өлбүтэ, үс – бааһырбыта. Онно биир саха уола атаҕар бааһырбыта. Дьэ манна баар этэ, эр киһи уйана-хатана биллэр кырык­таах кыргыһыыта. Ол да буоллар, биһиги сахалар, ааппытын-­суолбутун түһэн биэрбэтэхпит. Ол кэннэ биһигини атыттарга хол­­боон эмиэ атын позицияҕа олордубуттара.

Бары соҕуруу сылаас курдук саныыллар дии, онтубут Украина тымныы дойду эбит. Уһун унньуктаах ардах, тыал-куус аннынан сылдьаҕын, тыа саҕатыгар, от-мас быыһыгар, тыбыс-тымныыга, бүтүннүү сыырас дойдуга окуопаҕа сытаҕын. Түүнүн олус тымныы буолар эбит. Аны өстөөхтөр квадрокоптердара үрдүгүнэн көтө сылдьар буолан, уот оттор, ас астанар көҥүллэммэт, онон тымныыттан тымныыга тоҥо-хата сылдьаҕын. Дьэ, оннук ыйтан ордук сылдьан баран, тымныыттан сыырастан ыалдьан, улаханнык сэбиргэхтэтэн госпиталга киирбитим. Ол госпиталга куттал суоһаан, аны Краснодарга эвакуациялаабыттара. Эмтэммитим кэннэ, ситэри дойдугар баран эмтэн диэн Саха сиригэр ыыппыттара.

Инньэ гынан, дьиэбэр сайын төннөн кэлбитим. Ол да буоллар, син биир сэрии туһунан саныы сылдьабын, санаабыттан олох тахсан биэрбэт. Наар түһүүбүн, саныыбын, тугу эрэ ситэрбэтэх курдукпун. Бииргэ сылдьыбыт уолаттарбын кытары куруук кэпсэтэбин. Украинаҕа буола турар быһыыны-майгыны сонуннарга көрө сылдьар буолан хаалбытым. Онтон да буолуо, бастакы болдьохпун ситэ сылдьыбакка кэллим диэн да буолуо, дьыалабын ситэрбэтэх курдук санаа ­үүйэ-хаайа туппута.

Иккистээн төхтүрүйэн тиийии

Онон иккистээн төхтүрү­йэн, саас бииргэ сылдьыбыт түөрт уолбун кытары от ыйын бүтүүтэ «Боотур-1» диэн этэрээккэ киирэммит, сүүстэн тахса буоламмыт барбыппыт. Эрдэ турар бэйэбит барбыт буоллахпытына, бу сырыыга өрөспүүбүлүкэ тугунан барытынан хааччы­йан ыыппыта. Сөптөөх анал таҥаһынан-сабынан, квадрокоптерынан, хараҥаҕа көрөр приборунан, тепловизорынан толору сэбилэммиппит. Онон өрөспүүбүлүкэбит бырабыыталыстыбатыгар, Ил Дархаммытыгар Айсен Николаевка улаханнык махтанабыт.

Иккис сырыыбар, бастаан Владивостокка тиийбиппит. Эмиэ аараттан баҕа өттүнэн ба­­рааччы дьону хомуйан бастакы маршруппутунан айаннаабыппыт. Ростовка тиийэн икки-үс күн араас көрүҥнээх аныгы сэрии сэбинэн туттарга, ытарга үөрэммиппит. Онтон дьэ эмиэ кырык­таах кыргыһыыга киирбиппит.

Түөрт буолан тутуһан, бэ­­йэ-бэйэбитигэр көмөлөсүһэн, өйөһөн, снаряд, буулдьа ардаҕын быыһынан этэҥҥэ сырыттыбыт. Номнуо уопуттаах дьон буоларбыт быһыытынан, мантан барарбытыгар саҥа барааччыларга туох таҥас-сап, мал наадатын, антах тиийэн баран, хайдах тугу гыналларын сүбэлиирбит.

Бу сырыыга Харьков хайысхатынан сылдьыбыппыт. Икки өттүттэн күн аайы артиллерия, миномет, гранотомет уота уһууран олорор. Бастакы сырыыны кытары тэҥнээтэххэ, сэрии сэбинэн, таҥаһынан-сабынан, аһынан-үөлүнэн хааччыллыы үчүгэйэ. Гуманитарнай көмө да кэлэрэ, Саха сириттэн дьон кэллэҕин аайы, дьиэтээҕи, сахалыы ас тутар күндү да буолара. Аны бырабыыталыстыбабыт өйөөн, бары өттүнэн көмөлөһөн, наадалааҕынан хааччыйан, атын эрэгийиэнтэн кэлээччилэр соһуйаллара. Квадрокоптердарбыт, тепловизордарбыт, түүн көрөр прибордарбыт, дроннарбыт кэлэ тураллара, ону көрөн, салалтаҕыт, но­­руоккут наһаа маладьыастар диэн сөҕөллөрө-махтайаллара.

Дойдуга эргиллии уонна билиҥҥи санаа

Украина, уопсайынан, хараҥа дойду эбит, киэһэ эрдэттэн хабыс-хараҥа буолар уонна оннук сарсыарда 5-6 чааска диэри турар. Ол иһин онно хараҥаҕа көрөр прибор, тепловизор олус наадалаах тэрил эбит. Аныгы сэрии буолан, уруккуттан быдан атын, холобур,  үөһэ дрон көтө сылдьан гранатаны тамныыр. Кистэл буолбатах, өлүү-сүтүү да, бааһырыы да баар. Онуоха сөптөөх көмө да оҥоһуллар. Ууну-уоту ортотунан ааһан, дойдубутун көмүскээн, болдьохпут бүтэн, бу сэтинньи саҥатыгар 14 буолан кэлбиппит.

Эрдэ, манна сылдьан, Украина диэки дьон хайдах олорорун улаханнык интэриэһиргээбэт, аахайбат да этибит. Онтон онно тиийэн, 2014 сылтан Донецкай, Луганскай уобаластар хайдах эрэйдэнэн, баттанан олорбуттарын көрөн-истэн санаабыт уларыйбыта. Тус бэйэм, Арассыыйа ити көмөнү оҥоруохтааҕын оҥордо дии саныыбын. Аны билигин Арассыыйаҕа Запорожье, Херсон холбосто. 8 сылы быһа уот ааспат ардаҕын аннынан, бандеровецтар батталларыгар олорбут буолан, биһигини Луганскай уонна Донецкай өрөспүүбүлү­кэлэргэ үөрэ-көтө, махтана көрсүбүттэрэ.

Манна кэлэн баран элбэх сымыйа сурах-садьык, аныгылыы «фейк» тарҕанарын биллим. Социальнай ситимнэринэн бу киһи онно өлбүт, манна эчэйбит диэн араас сымыйа сурах тарҕанар эбит, ону дойдуларыгар аймахтара чугас дьоно истэн долгуйаллар, айманаллар. Барытын итэҕэйэн иһимэҥ диэн сүбэлиэм этэ. Холобур, бастакы да, иккис да сырыыбар бииргэ сылдьыбыт доҕорум Валерий Никифоров-Суор Уола өлбүт диэн сурах тарҕаммыт этэ, кэлбиппэр, элбэх киһи ыйытта. Доҕорум «передовойга» уолаттары кытары этэҥҥэ саа-саадах тутан дойдутун көмүскүү сылдьар. Албын сураҕы тарҕаталлара хомолто­лоох…

Көмө, өйөбүл туһунан…

Биһиги госпиталларга сытар уолаттарбытын кытары билсэбит, атын куораттарга баар бэрэстэбиитэлистибэлэртэн эмиэ анаан көмөлөһөллөр. Биһигини кытары сылдьыбыт, атаҕар бааһыран госпиталга сытар табаарыспытыгар бырабыыталыстыба көмөлөһөн, кыыһын аҕатыгар ыытта. Атаҕар протез оҥортордоҕуна, аҕатын арыал­лаан кэлиэхтээхтэр. Оттон биһиги билигин Өрөспүүбүлүкэтээҕи саллааттар ийэлэрин кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Мария Емельянова көмөтүнэн, икки буолан Реабилитациялыыр кииҥҥэ эмтэнэ киирдибит.

Бырабыыталыстыба өттүттэн анал эпэрээссийэҕэ сылдьар дьон дьиэ кэргэттэригэр бары өттүнэн көмө, төлөбүр оҥоһуллар. Сөптөөх докумуонуҥ баар буоллаҕына, төлөбүрдэр эмиэ харгыһа суох оҥоһуллаллар. Социальнай-моральнай өттүнэн хааччыйыы, көмө эмиэ барар.

Саҥа барааччыларга сүбэ

Мобилизацияламмыт дьоммут анал бэлэмнэнии кэнниттэн байыаннай эпэрээссийэҕэ бара тураллар, биирдиилээн баҕа өттүнэн, сорохтор хантараагынан барааччылар да бааллар. Олорго дойдубут интэриэһин көмүскүүр наадалаах дьыалаҕа туруммуккутунан, тулууру, дьулууру, кыайыыга эрэли баҕарабын. Эр дьон буоларбыт быһыытынан, дойдубутун, норуоппутун көмүскүүр, кыһалҕалаахха-кыаммакка көмөлөһөр ытык иэспит буоларын өйдөөн, эрдэттэн моральнай-психологическай бэлэмнээх буолуохха наада. Эппитим курдук, байыаннай таҥаһынан толору хааччы­йаллар, ол гынан баран, халыҥ таҥас-сап илдьэ барарыҥ өссө ордук буоллаҕа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -32°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: