«Эр санаа» уордьан кавалера Николай Романов-Ронин кэриэһигэр…
Бүгүн, балаҕан ыйын 10 күнүгэр, «Нам улууһа» МТ дьаһалтатын экономическай сайдыы управлениетын начаалынньыгын солбуйааччытынан таһаарыылаахтык үлэлээбит «Эр санаа» уордьан кавалера Николай Николаевич Романов-Ронин байыаннай дьайыыга хорсуннук дойдутун көмүскүү сылдьан сырдык тыына быстыбыта 1 сылын туолла.
Николай Романов бэйэтигэр «Ронин» диэн позывнойу ылынан туран бүтэһик күннэригэр диэри бойобуой доҕоро Сунтаардыын дойдубут аатын чиэстээхтик көмүскээбиттэрэ, иккиэн судаарыстыбаннай наҕарааданан бэлиэтэммиттэрэ.
Николай Романов 1980 сыллаахха бэс ыйын 3 күнүгэр Чурапчы улууһун Мырыла нэһилиэгэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрэн, Саха судаарыстыбаннай университетын биолого-географическай факультетыгар үөрэнэн географ идэтин баһылаабыта. Онтон Дьокуускай куоракка лаборанынан, төрөөбүт дойдутугар Мырылаҕа ыччат лидеринэн, география учууталынан үлэлээбитэ.
2011 сылтан Нам улууһун дьаһалтатыгар уопсай отдел кылаабынай исписэлииһинэн үлэтин саҕалаабыта. Хатыҥ Арыы нэһилиэгин дьаһалтатыгар экономикаҕа уонна үпкэ кылаабынай исписэлииһинэн, улуус кииннэммит бухгалтериятыгар экономист-бухгалтерынан, улуустааҕы культура уонна духуобунай сайдыы управлениетыгар экономикаҕа уонна үпкэ кылаабынай исписэлииһинэн, кэлин улуус дьаһалтатын экономическай сайдыы управлениетын кылаабынай исписэлииһинэн үлэлээн начаалынньык солбуйааччытыгар тиийэ үүммүтэ.
Николай дьаһалта тутаах үлэһитэ этэ. Кини ханна да үлэлээтэр үтүө суобастаах, эппиэтинэстээх исписэлиис быһыытынан биллэрэ. Үлэлээбит коллективтара Николайы үтүө, элэккэй майгылаах, барыбытыгар сүбэ-ама, истиҥ доҕор этэ диэн сыаналыыллар, үтүө тылларынан ахталлар. Николай Романов улууска элбэх тус сыаллаах муниципальнай бырагыраамалар оҥоһуллууларыгар, үбүлээһиннэригэр, олоххо киириилэригэр үгүс сыратын уурбута. Ол курдук: “Развитие культуры в МО Намский улус” за 2020-2024 годы», “Экономическое развитие и инновационная экономика МО “Намский улус” на 2020-2024 годы”, “Доступная среда в МО “Намский улус” на 2020-2024 годы” бырагыраамалар туолууларын күүстээх хонтуруолга ылан, көдьүүһүн ааҕан-суоттаан, учуоттаан, бырагыраама олоххо киириэр диэри элбэх сыратын-сылбатын биэрэн сүрүннээбитэ.
Улуус баһылыга Юрий Иннокентьевич Слепцовтуун, биир идэлээхтэрин кытта биир санаанан салайтаран үлэлээбитэ. Идэтин толору баһылаабыт, уопуттаах исписэлиис Нам улууһун социальнай-экономическай сайдыытыгар улахан кылаатын киллэрбитэ.
Улууспутугар Николай Романов-Ронин аатын үйэтитиигэ ситимнээх үлэ барар. Ол курдук, 2024 сыл бэс ыйын 22 күнүгэр спорт национальнай көрүҥнэригэр улуустааҕы сайыҥҥы спартакиада чэрчитинэн «Эр санаа» уордьан кавалера Николай Романов-Ронин кэриэһигэр буулдьанан ытыы күрэҕэ ыытыллыбыта. Николай спорт улахан фаната этэ. Кини ордук тустууну, хапсаҕайы, мас тардыһыытын, быраабылата суох охсуһуу көрүҥнэрин көтүппэккэ көрөрө. Дьокуускайдааҕы Пушкин аатынан национальнай библиотекаҕа Николай мала-сала түмэлгэ туттарыллыбыта. П.И. Сивцев аат. Намнааҕы история уонна этнография түмэлигэр быыстапка тэриллибитэ.
Хорсун буойун Николай Николаевич Романов-Ронин Ийэ дойдутун иннигэр ытык иэһин чиэстээхтик толорбута. Кини сырдык аата барыбытыгар үтүө өйдөбүл буолан хаалыаҕа. Ситэ олорботох олоҕун дьиэ кэргэнэ, оҕолоро салгыахтара, аатын ааттатыахтара.
«Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: