Эр санааланыы уруога кэнчээри ыччат болҕомтотун тардар

Эр санааланыы уруога кэнчээри ыччат болҕомтотун тардар

Ааптар:
17.10.2022, 15:45
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга норуоттар икки ардыларынааҕы Арктика оскуолатыгар эр санааланыы уруога ыытылынна.

Уруок Аҕа дойду сэриитин тиэмэтигэр ананна диэн Анастасия Филиппова СИА суруйар. Уруок саҕаланыытыгар оҕолор Өрөгөй ырыатын уонна «Журавли» ырыаны толорбуттар. Манна 10–11 кылаас оҕолоругар история чахчыларын, Саха сирин буойуттарын хорсун быһыыларын туһунан кэпсээбиттэр, ону сэргэ, билиҥҥи балаһыанньаны таарыйбыттар, дойдуга туох суолталааҕын ырыппыттар. История, обществознание учуутала Ирина Петрова кэнчээри ыччат Ийэ дойдутунан киэн туттарыгар, төрөөбүт сирин-уотун таптыы, бэриниилээх буола улаатарыгар анаан маннык уруоктар тиһиктээхтик ыытыллалларын бэлиэтээбит. Манна даҕатан эттэххэ, Ирина Петрова ааптарыскай бырагыраама оҥорбут. Сыл ахсын 11-с кылаас үөрэнээччилэрэ Аҕа дойду уоттаах сэриитэ буолбут сирдэрин көрө бараллар. Москваҕа, Ржевкэ, Санкт-Петербурга сылдьыбыттар.

«Былырыын кылааһынан Ржевкэ мемориалга, Саха сирин буойуттарын пааматынньыктарыгар сылдьыбыппыт.  Онно наһаа дьикти түгэн буолан турар. Биир кыыс хос эһэтэ көмүллэн сытар сирин, биир уол хос эһэтин араспаанньатын буланнар, бары улаханнык долгуйбуппут. Санкт-Петербурга Ленинград блокадатын туһунан сиһилии истибиттэрэ. Айаҥҥа хомуллубут матырыйааллары уруокка туһанабыт. Мин оҕолор Ийэ дойдуларын үчүгэйдик билэ, төрөөбүт сирдэрин-уоттарын таптыы, бэриниилээх буола улааталларыгар баҕарабын,  болҕомтобун уурабын«, — диэн история учуутала санаатын үллэстэр.

Санатар буоллахха, дойду бары оскуолаларыгар, кэллиэстэригэр балаҕан ыйын саҥатыттан нэдиэлэҕэ биирдэ «Разговор о важном» диэн кылаас чаастара ыытыллаллар. Үөрэнээччилэр дойду историятын, култууратын, аан дойдуга оруолун туһунан боппуруостары дьүүллэһэллэр.

Анастасия Филиппова, СИА.

Хаартыскаларга Мария Васильева (СИА) түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -48°Влажность: 66% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: