«Эрчим» анал симиэнэтэ ыалларга ананыаҕа
Быйыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сыла биллэриллибитинэн сибээстээн, өрөспүүбүлүкэҕэ араас тэрээһиннэр ыытыллаллар.
— «Демография» национальнай бырайыагы олоххо киллэриигэ уһун үйэлэниигэ туһуламмыт эрэгийиэннээҕи быраагырама чэрчитинэн саастаах дьону көхтөөх олоххо көҕүлүүбүт. Ол курдук, бу күннэргэ өрөспүүбүлүлэктээҕи Социальнай хааччыйыы кэлим киинэ муус устар 9 күнүттэн 26 күнүгэр диэри Дьиэ кэргэн сылыгар аналлаах «Эрчим» сынньатар, аралдьытар, эмтиир стационарыгар кэргэннии дьоҥҥо анал симиэнэни тэрийэр. Үлэлээбэт биэнсийэлээх уонна инбэлиит дьон социальнай реабилитацияны баран, доруобуйаларын бөҕөргөтүөхтэрин сөп. Онон киин куорат олохтоохторо, улуустартан кэлэ сылдьар кэргэннии дьон «Эрчим» анал симиэнэтигэр сынньаныахтара, аралдьыйыахтара, доруобуйаларын көрдөрүнүөхтэрэ. Биһигини кытта 40-21- 78 нүөмэргэ эрийэн билсиэххэ сөп, — диэн стационар сэбиэдиссэйэ Сайына Игнатьева иһитиннэрдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: