Эрдэҕэс саастаах оҕо түүннэри сылдьар буоллаҕына…

Share

Сокуоннай сааһын ситэ илик оҕо уопсастыбаннай миэстэҕэ түүннэри сылдьара сэрэхтээх. Киниэхэ бэйэтигэр даҕаны, ону сэргэ алҕас буруйу да оҥоруон сөп диэн психологтар бэлиэтииллэр. 

РФ оҕо бырааһа Виктор Краснов  оҕо хойутаан дьиэ боруогун саҥа атыллаатын кытта хаһан да хаһыытаан көрсүмэҥ диэн сүбэлиир. Ол кэриэтин төрөппүт холкутук: «Туох буолла, барыта этэҥҥэ дуо?», — диэн ыйыта тоһуйуохтаах. Оҕо ханна, кимниин сылдьарын төрөппүт билиэхтээх. Сорох төрөппүттэр үлэлэринэн, тус дьарыктарынан үлүһүйэн, оҕо үөрэх кэннэ ханна, тугунан дьарыктанарыгар болҕомто уурбаттар. Ол түмүгэр оҕо араас буруйу-сэмэни да оҥоруон, арааска да түбэһиэн сөп.

Оҕо күннээҕи эрэсиимин туһунан кэпсэтии дьиэ кэргэҥҥэ эбэһээт тахсыахтааҕын кини бэлиэтиир. Дьиэҕэ эйэҕэс сыһыан, түмсүүлээх эйгэ баар буоллаҕына, оҕо түүннэри эбэтэр киэһэ хойукка диэри дьүөгэлэрин, доҕотторун кытта алтыһарга ыксаабат, кини күннээҕи үөрэх, дьарык, куруһуок эйгэтинэн туоларын бэлиэтиир Виктор Краснов.

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Куомуннаһан тэрилтэ харчытын сиэбиттэр

Нерюнгри куорат борокуратуурата түөрт киһи холуобунай дьыалатынан буруйдуур түмүгү бигэргэттэ. Кинилэр РФ холуобунай кодексатын 159 …

19 минут ago
  • Сонуннар

Үлэнэн иитиллии

Ханнык баҕарар киһи бу орто дойдуга олоҕо араастык ааһар. Прасковья Осиповна эринээн Бүөтүрдүүн үс оҕону…

48 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Сөпкө тыына үөрэниэҕиҥ

Киһи тыҥата 1 чааска ортотунан 5-17 лиитирэ углекислай гааһы, 50 грамм ууну таһаарар. Мүнүүтэҕэ ортотунан…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Муусука истэ турдаҕына төлөпүөнүн былдьаабыттар

Уулуссаҕа дьонтон төлөпүөнү, суумканы уоруу, былдьааһын биирдэ эмит тахсар. Биир оннук түбэлтэ Дьокуускайга таҕыста. Полиция…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

60 саас кэннэ иммунитет бөҕөргүүр дуо?

Киһи сааһыран истэҕин ахсын иммунитет систиэмэтэ уларыйар. Маннык уларыйыыны иммуносенесценция дииллэр. Киһи дьаҥтан, ол-бу ыарыыттан…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үөһээ Бүлүү улууһун борокуратуурата элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн быраабын көмүскүүргэ миэрэ ылла

Үөһээ Бүлүү улууһун борокуратуурата олохтоох дьахтар үҥсүүтүнэн бэрэбиэркэ оҥордо. Ол курдук элбэх оҕолоох ийэҕэ бэриллиэхтээх…

3 часа ago