Эрдэнэваанчик Батбаатар: «Сахам сирин ахтабын…»

Эрдэнэваанчик Батбаатар: «Сахам сирин ахтабын…»

03.07.2024, 17:37
Хаартыска -- аһаҕас социальнай ситимтэн.
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ «Азия оҕолоро» оонньууларыгар кэлбит Монголия дэлэгээссийэтин салайааччыта Эрдэнэваанчик Батбаатар сахалыы саҥарарын туһунан сурах суолталаах тэрээһин биир кэрэхсэбиллээх сонунун быһыытынан социальнай ситимнэри тилийэ көппүтэ. 

Ол эрээри, араас сурах хоту иһитиннэрии дьону «муннарбыта» — ким эрэ кинини «Чурапчыттан төрүттээх»,  ким эрэ «Монголия успуордун миниистирэ» диэн хайдах сатаабыттарынан «кэпсээбиттэрэ». «Саха сирэ» хаһыат өрүү кырдьыктаах иһитиннэриини оҥорор хаһыат буоларын быһыытынан,  Эрдэнэваанчик Батбаатары бэйэтин булан кэпсэттибит.

Хаартыска -- Эрдэнэваанчик Батбаатар тиксэриитэ.

Сэһэргэһээччим олох бокуойа суох сылдьар эбит. Монголия сүүмэрдэммит хамаандаларын спортивнай бэлэмнэнии уонна научнай мэдиссиинэ киинин дириэктэрин быһыытынан, оҕолор күрэхтэһиилэрин бэйэтинэн кэтээн көрө-истэ сылдьар. Бүгүн олус тыҥааһыннаах киирсиилэр буола турар буолан, ылбычча киһи төлөпүөҥҥэ чугаһаабат күнэ. Дьолго, хаста да эрийэн тиийэн, Монголия дэлэгээссийэтин салайааччытын кытта кэпсэттим. Нууччалыы саҥаран истэхпинэ, киһим уу сахалыы быһа түстэ: «Билигин «Триумф» спорткомплексыгар алыш күрэхтэһиигэ баран эрэбин. Тиийиэхпэр диэри бириэмэлээхпин, кэпсэтиэх». Мин хап-сабар «эн Чурапчыттан төрүттээх үһүгүн дии?» диэн ыйыппыппар, «ээ ити сыыһа кэпсэл баран хаалбыт. Мин төрөөбүт дойдум Монголия. Чурапчыга Успуорт институтугар кэлэн үөрэммитим. Бастаан нууччалыы да, сахалыы билбэт буолан, наһаа эрэйдэммитим. Ол эрээри, сыл иһигэр сахалыы холкутук наадабын быһаарсар буолбутум. Билигин саха тылын умнан эрэбин. Номнуо акценнаахтык саҥарар буолбуппун. Олох олуттагаһа суох саҥарар буолан, холкутук сахабын дэнэр этим. Чурапчыга доҕотторум элбэхтэр. Хомойуох иһин, «Азия оҕолоругар» анал дэлэгээссийэни илдьэ кэлбит буолан, эппиэтинэстээх. Онон оҕолорбун дойдуларын этэҥҥэ булларыахпын наада. Ыксалынан баран кэлбэккэ, сынньанардыы, хоно сытан ахтылҕаммын таһаара Чурапчыбар анаан оҥостон кэлэ сылдьыам» диэн санаатын үллэһиннэ сэһэргэһээччим. Салгыы маннык кэпсэттибит:

Монголияттан төһө оҕо кытта кэллэ? 

—  Успуорт 9 көрүҥэр 45 оҕону кытыннара аҕаллым.

— Оо, элбэх эбит дии!

— Элбэх үһү дуо? Казахстантан, Кыргызстантан 200-түү оҕо кытта сылдьар дии. Онно холоотоххо, биһги аҕыйахпыт.

— Саха сиригэр кэлбиккиттэн үөрэ аҕай сылдьаҕын дуо?

— Сахам сирин наһаа ахтабын. Саха дьонун көрөн, сахалыы кэпсэтэн астына сылдьабын. Чурапчыларбар эҕэрдэбин ыытабын. Хайаан да ыалдьыттыы тиийиэм.

… Ити курдук, бэрт кылгас кэмҥэ Эрдэнэваанчик Батбаатары кытта бэрт иһирэхтик кэпсэтэн ыллыбыт. Төрөөбүт дойдутугар Монголияҕа көҥүл тустуу уонна мас тардыһыытын көрүҥнэригэр Чурапчы оскуолатын ааһан,   киэҥник таҕата сылдьар киһиэхэ  тус олоҕор дьолу-соргуну, айымньылах үлэтигэр ситиһиини баҕарабыт!

+1
13
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: