Салгыы
Өрөбүллэргэ эрэннэрбит магнитнай буурҕалара тоҕо түспэтэ?

Өрөбүллэргэ эрэннэрбит магнитнай буурҕалара тоҕо түспэтэ?

07.10.2024, 20:30
Хаартыска: Күн астрономиятын лабораторията.
Бөлөххө киир:

Алтынньы 2-3 күннэригэр Күҥҥэ X7-9.1 кылаастаах күүстээх эстиилэр буолбуттара. Онон бу ааспыт өрөбүллэргэ күүстээх магнитнай буурҕа түһүөҕэ диэн сабаҕалаабыттара. Ол эрээри, эстии плазматын былыта Сиртэн халты баран, алтынньы 7 күнүгэр 1 бааллаах мөлтөх буурҕа түстэ диэн РНА Күн-Сир физикатын институтун Күн астрономиятын лабораторията иһитиннэрэр.

Хаартыска: Күн астрономиятын лабораторията.

Алтынньы 2 күнүнээҕи эстии плазмата Сири кытыытынан таарыйбыта. Иккис улахан эстии былыта эмиэ халты баран, бүгүн сороҕо эрэ Сиргэ кэлэн, 1 бааллаах мөлтөх магнитнай буурҕаны түһэрдэ. Халты барбатаҕа буоллар, 3-4 бааллаах (муҥутуур кээмэйэ — 5 баал) күүстээх буурҕа түһүөхтээх этэ, тоҕо диэтэр, Күҥҥэ 2017 сылтан ыла буола илик күүстээх эстии тахсан, плазма былыта 500 км/сөк түргэннээх Сир диэки айаннаабыта.

— Бастакы эстии былыта Сири халты барбытыгар, иккис эстии былыта ону батыспыт диэн сабаҕалыахха сөп. Эбэтэр, плазма былытын барыахтаах суола эрдэттэн сыыһа суоттаныллыбыт буолуон сөп. Хомойуох иһин, Күн эстиитин ойоҕоһуттан уһуларга уонна 3D траекториятын суоттуурга анаммыт СТЕРЕО космическай аппарааттар билигин орбита устун хамсыы сылдьаллар уонна чопчу стерео-дааннайдары биэрбэттэр. Онон суоттааһын чуолкайа суох буолуон сөп. 

Билигин Күҥҥэ икки улахан эстии тахсыбыт 3842 зоната Сир диэки хайыһан турбат, онон онно саҥа эстии таҕыстаҕына да, Сиртэн атын өттүгэр барыаҕа. Күҥҥэ билигин эстэр зоналара элбэхтэр эрээри, күүстээх буолбатахтар, — диэн лаборатория учуонайдара бэлиэтээтилэр.

Чэ онон, хата, «һуу» гынар буоллахпыт. Итинник эмиэ буолар эбит. 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 октября
  • -0°C
  • Ощущается: -2°Влажность: 100% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: