Хаартыска: СИА
Балаҕан ыйын 29-30 күннэригэр күүстээх магнитнай буурҕа түһэрэ күүтүллэр. Метеорологтар билгэлииллэринэн, бу күннэргэ геомагнитнай хамсааһыннар күүстэрэ 5-6 баалга тиийиэхтээх. Ол эбэтэр, Саха сирин үрдүнэн эмиэ дьүкээбил үҥкүүлүөҕэ.
Күҥҥэ магнитнай эстиилэр бээтинсэ киэһэтиттэн баскыһыанньа күнэ үүнүөр диэри буолуохтара. Күн-дьыл туругуттан тутулуктаах дьоҥҥо бу кэм сэрэхтээх буолуон сөп. Ордук сүрэх-тымыр ыарыылаах, хааннарын баттааһына түһэр-тахсар дьон сэрэхтээх буолуохтаахтар. Төбөлөрө ыалдьыан, сэниэлэрэ эстиэн сөп. Онон бу күннэргэ улаханнык кыыһырбакка, хомойбокко, ыарахан үлэни үлэлээбэккэ, буортулаах аһы аһаабакка, быраас суруйбут эмтэрин иһэн, бэйэни көрүнэ сылдьыахха наада.
Оттон кэрэни кэрэхсиир дьон түүн куораттан, сэлиэнньэлэртэн ыраах баран, дьүкээбили көрөн астыныахтарын, хаартыскаҕа хатыахтарын сөп. «Аврора» диэн мобильнай сыһыарыыга дьүкээбил хаһан, ханан көстүөн сөбүн көрдөрөллөр. Аан дойду үрдүнэн дьүкээбили көрүөн баҕалаах туристар бу сыһыарыынан кэтээн көрөн, элбэх харчы төлөөн, хоту бараллар, анаан «бултаһаллар», көрбүт дьон бэйэлэрин дьоллооҕунан ааҕыналлар.
Урут дьүкээбил кыһын тымныыга эрэ көстөр буоллаҕына, кэнники сылларга күн эстиитэ күүһүрэн, күһүн эмиэ көстөр буолла диэн учуонайдар быһаарбыттара. Аҕыйах хонуктааҕыта эмиэ магнитнай буурҕа түһэ сылдьыбыта, онно дьүкээбили оннооҕор Дьокуускай куорат олохтоохторо көрбүттэрэ.
Өлүөнэни туоратар муостаны тутуу бигэргэммит кыраапыгынан ыытыллар. Генеральнай бэдэрээтчит уонна бэдэрээтчит тутар-таҥар үлэ комплексын хааччыйаллар.…
“Саха сирэ – Дьоруойдар дойдулара” – билиини уонна уопуту туһанарга уочараттаах хардыы, диир байыаннай дьайыы…
“Саха “ГТРК “Быһа биэрии” биэриитин эпииригэр Айсен Николаев буолан ааспыт олохтоох салайыныы уорганнарын түмүгүн туһунан…
Быйыл сайын Эбээн Бытантай улууһун Дьарҕаалааҕар от үүнүүтэ мөлтөҕүн да иһин, сүөһүлээх-астаах тыа ыаллара сыл…
Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһугар толору оту тиэммит массыыналар "Халыма" федеральнай айан суолунан Өймөкөөн улууһун туһаайыытын…
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев “Россия24” телеханаалга “Быһа кэпсэтии” бырагыраама эпииригэр Дьокуускайга тырааныспар ситимин…