Ааспыт өрөбүллэргэ ис дьыала уорганнарын аатыгар түөкүннээһиҥҥэ 7 үҥсүү киирбит.
68 саастаах Дьокуускай куорат учууталыттан түөкүттэр 1 мөлүйүөн солкуобайын суйдаан ылбыттар. ФСБ үлэһиттэринэн ааттаммыт адьарайдар икки чаас устата кэпсэтэн, араас албаһынан итэҕэтэн мунньуу харчытын “куттала суох счетка” угарга күһэйбиттэр. Биллэн турар, ханнык даҕаны “куттала суох счет” диэн баан систиэмэтигэр суох. Ити курдук ньыманан Алдан улууһун мусуойугар харабылынан үлэлиир киһиттэн 600 тыһыынча солкуобайы итиэннэ Хаҥалас улууһун учууталыттан 400 тыһыынча солкуобайы сүүлүктээбиттэр.
Нерюнгригэ “инвестициянан” харчы өлөрөөрү саастаах урбаанньыт түөкүттэргэ 1 мөлүйүөн солкуобайы көһөрбүт. 28 саастаах бу улуус олохтооҕо интэриниэккэ дьиэттэн үлэҕэ мэҥиэлэнэн 150 тыһыынчатын сүтэрбит.
Дьокуускайга табаар атыылыыр босхо былаһааккаларга икки киһини отоойкоҕо олордубуттар. Массыына саппаас чааһын Владивостоктан сакаастаан ылаары эр киһи 17 тыһыынча солкуобайы уордарбыт. Сакааһа биллэн турар, кэлбэтэх. Атын киһи таҥас сууйар массыынатын атыылаары 35 тыһыынчатыттан маппыт.
Түөкүттэртэн сэрэхтээх буолуҥ, албастарыгар киирэн биэрбэт туһугар билбэт дьоҥҥутун кытта сэрэнэн алтыһыҥ, каартаҕыт нүөмэрин кичэйэн харыстааҥ.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…