Ааҕааччы суруга: «Дьону албынныыр маастар…»
Эрэдээксийэҕэ сурук киирдэ. Дьокуускай олохтооҕо Мария Егорова бэйэтин кыһалҕатын туһунан үллэстибит.
Балысханнаах, дьалхааннаах, түргэн сүүрүктүү үрүлүйэ устар олохтоох 21-с үйэ — социальнай ситимнэр сайдан, куйаар нөҥүө информация ылыы, үөрэнии, үөрэтии үгэннээн турар кэмэ.
Олохтон хаалсымаары, былырыын күһүн, бобуллубут социальнай ситимҥэ киирэн, кэргэним үбүлүөйдээх төрөөбүт күнүгэр туох эрэ интэриэһинэйи, туһалааҕы бэлэхтээн үөрдүбүт киһи диэн санааттан, араас дьарыктаах дьон «страницаларын» көрдүм.
Арай, Августина диэн уус дьахтар маастар-кылаастары ыытар диэни сэргээн, остуол, олоппос оҥорон атыылыырын, кыра остуоллаах оһуордаах кириэһилэ оҥорорго үөрэтэрин олус сэргээтим. Саха, кыра оҕолоох, наһаа үчүгэй дьарыктаах, талааннаах киһи эбит диэн астынан, «директ» диэҥҥэ суруйдум. Тута эппиэттээн, сэртипикээт биэрэбин, бириэмэтин бэйэтэ болдьоон кэлэн үөрэнэр, 2-3 хонугунан бүтэрэн илдьэ барар, өссө трафареты түһэрэн биэриэм диэтэ.
Мин наһаа үөрдүм, кэргэним уһанарын сөбүлүүр, эрдэ Аммаҕа сынньана сылдьан итинник хачайданар кириэһилэни көрөн ымсыырбытын санаан, дьэ, билигин бэйэтин илиитинэн оҥорон, төһө эрэ астынар дии санаатым. Кэргэним үбүлүөйүгэр бэртээхэй бэлэх оҥордум диэн астынным, үөрдүм.
«Ылар эбиппин» диирбин кытта, начаас тиийэн кэлэн, сэртипикээт биэрдэ, мин уу харчынан 10 000 солкуобайы туттардым.
Кэргэним бэлэҕэр үөрэн, биир күн бириэмэ үлэһэн, баран үлэлээн кэллэ. Дьэ, онтон ыла сыл ааста, ол ситэри оҥоһуллубатах кириэһилэбит ол да бүтэ илик. Биир кэм солото суох аатырар, эбэтэр, оҕом ыарыйда диэн буолар. Бастаан утаа барытын итэҕэйэн, ылынан иһэр этибит. Саҥа дьылга диэри бүтэрэн, харыйа таһыгар аҕалан туруоруом диэн сиэннэригэр кэпсээн кэбиһэн, санаата түспүтэ. «Чэ, хайыахпытый, сааһыары сылыйдаҕына, баран ситэриэҥ буо», — диэн уоскуппутум.
Бириэмэ аастаҕын аайы, сонньуйан, ама, маннык дьону албынныахха сөп дуо диэн хомойуу-хоргутуу санаата үүйэ тутта.
Төлөпүөнү ылбат буолбута, онтон «ватсабы» да көрбөт, киһи баар да диэн аахайбат. Онтон «смс» суруйан, бу нэдиэлэҕэ хайаан да илдьэн биэриэм бэйэм, эбэтэр аныгы нэдиэлэҕэ таксинан ыытарга кэпсэттим диэн буолар. Уонна кураанаҕы куустарар. Кэлин букатын «смс» да мэлийдэ. Онтон бобуллубут социальнай ситимҥэ «страницатыгар» сэргэх олох, атыы-тутуу, дьон киниэхэ үөрэнэн, оҥорбут үлэлэрин көрдөрөр. «Бэлэхпит» төлөммүтэ сылтан ордук кэм ааста.
Тоҕо бу саастаах дьоҥҥо маннык мөкү, аанньа ахтыбат сыһыан үөскээтэ? Биһиги олоҕор ыарахаттардаах дуу дии санаан, саҥата суох күүтэр аакка сылдьыбыппыт.
Бу кэлин кэлэйэн, арааһа, маннык итэҕэйэр дьону албынныы үөрүйэх эбит диэн санааҕа кэлэн, бу санаабын үллэстэргэ сананным.
Ама, манна, бэйэбит төрүт сирбитигэр дьон-сэргэ ортотугар олорон, итинник дьону албынныыр сөп буолуо дуо? Биирдэ хаһыс да төгүлүн эрэннэрбитин кэннэ, бэйэм тиийиэм диэн үлэспитин сөп диэбитигэр итэҕэйэн, дьэ, хамсааһын тахсар буолла диэн тиийбитэ, күлүүстээх олбуор көрсүбүтэ, эгэ төлөпүөнү ылыа дуу!? Сааһырбыт киһи маннык сыһыантан төһөлөөх хомойоро, санаата түһэрэ буолуой?
Дьэ, үйэбит үлүскэнник уларыйа турарын да иһин, былыр-былыргыттан саха аймахха сиэр-туом тутуһуута, сиэр-майгы диэн баар буолуохтаах буоллаҕа. Силистээх, төрдүлээх, оҕолордоох киһи хайдах итинник хоҥоруутугар хоннорбокко, санаатыгар туппакка, дьону хомото, албынныы сылдьара сөп буолуой?
Оҥоро соруннаҕына, маастар киһи, оҥорон саҕалаабыт кириэһилэни 1-2 күнүнэн бүтэрэ охсуон сөп буоллаҕа, дьиҥэр. Ол аата элбэх дьону эрэннэрэн албынныы сылдьар, эбэтэр, олох суобас мэлийбит киһитэ буолан тахсар. Дьэ, бу өйбөр баппат быһыы…
Мария Егорова,
Дьокуускай к. олохтооҕо.
Хаартыска: Интэриниэт ситимиттэн.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: