Эрэгийиэннэргэ “Арассыыйа” Национальнай киин филиаллара тэриллиэхтэрэ

Share

Эрэгийиэннэргэ бэйэтин филиалларын тэрийэр туһугар “Арассыыйа” Национальнай киин ыыппыт куонкурустаах талан ылыытын бастакы түһүмэҕэ түмүктэннэ.

Талан ылыы икки түһүмэҕинэн барар. Бастакы түһүмэххэ эрэгийиэннэр филиалы тэрийиигэ бэйэлэрин былааннарын көрдөрөллөр. Иккис түһүмэххэ ааспыттар “Арассыыйа” Национальнай киин тэрийэр кэмитиэтин иннигэр бэйэлэрин этиилэрин көмүскүөхтэрэ. Кинилэртэн кыайыылаах эрэгийиэннэри талан ылыахтара, олорго бастакы уочарат Национальнай киин филиаллара тэриллиэхтэрэ.

Филиалга бастайааннай уонна уларыйа турар экспозициялар туруохтаах сирдэрэ, тэрээһиннэри ыытарга улахан уонна аччыгый саалалар, аһыыр сир, универмаг уонна оҕо оонньуур сирэ баар буолуохтаах.

“Арассыыйа” Национальнай киин уонна кини филиаллара Бэрэсидьиэн Ыйааҕынан тэриллэллэр. Куонкурустаах талан ылыыга эрэгийиэннэр бары кытталлар. Биһиги олохтоох дьону эрэ буолбакка, туристары кытта бэйэтигэр тардар олус интэриэһинэй, ураты этиилэр баалларын көрөбүт”, — диэн кэпсээтэ “Арассыыйа” “Ситиһиилэрин Быыстапкатын Дирекцията” АНО эрэгийиэннэри кытта бииргэ үлэлэһэр управлениетын салайааччыта Ирина Теслева.

2024 сыл бэс ыйын 1 күнүгэр Бэрэсидьиэн Владимир Путин Быыстапка нэһилиэстибэтин чөл хаалларар уонна дойду ситиһиилэрин куруук көрдөрө турарын курдук  “Арассыыйа” Национальнай киини уонна кини филиалларын эрэгийиэннэргэ тэрийэр туһунан дьаһалга илии баттаабыта.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

11 часов ago