Ил Түмэҥҥэ Саха сирин Бырабыыталыстыбата кылаас салайааччыларыгар эбии төлөбүрү аныыр туһунан сокуон барылын киллэрдэ. Докумуон Ил Түмэн саайтыгар таҕыста.
Ол курдук, сокуону барылынан Саха сирин муниципальнай оройуоннарын уонна куораттааҕы уокуруктарын олохтоох салайыныы уорганнарыгар алын уопсай, сүрүн уопсай уонна орто уопсай үөрэх бырагыраамаларын, ол иһигэр адаптированнай сүрүн уопсай үөрэх бырагыраамалары олоххо киллэрэр муниципальнай үөрэх тэрилтэлэрин педагогическай үлэһиттэригэр кылааһы салайыы иһин харчынан төлөбүрү ый ахсын төлүүргэ тустаах судаарыстыбаннай боломуочуйаны сүктэрэр былааннанар.
Санатан эттэххэ, дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан бу сыл кулун тутар 1 күнүттэн саҕалаан 100 тыһыынчаттан аҕыйах киһилээх нэһилиэнньэлээх пууннарга (куораттарга, оройуон кииннэригэр, бөһүөлэктэргэ, сэлиэнньэлэргэ) баар алын уопсай, сүрүн уопсай, орто уопсай үөрэх бырагыраамаларын олоххо киллэрэр судаарыстыбаннай уонна муниципальнай үөрэх тэрилтэлэрин педагогическай үлэһиттэригэр кылааһы салайыы иһин уонна орто профессиональнай үөрэх бырагыраамаларын олоххо киллэрэр судаарыстыбаннай уонна муниципальнай үөрэх тэрилтэлэрин педагогическай үлэһиттэригэр кылааһы салайыы (кураторство) иһин ый ахсын төлөнөр харчынан төлөбүр кээмэйин 10 тыһ. солкуобайга диэри улаатыннарар сорук туруоруллубута. Быһаарыы сурукка этиллэринэн төлөбүр уопсай сууматын ааҕыы олохтоммут оройуоннааҕы коэффициены, бырыһыан эбилигин уонна судаарыстыбаннай бүддьүөт таһынааҕы пуондаларга страховой усунуоһу түһэриини учуоттаан оҥоһуллуоҕа.
Бүтэһик дааннайынан бу сыл кулун тутар 1 күнүгэр 100 тыһ. аҕыйах ахсааннаах нэһилиэнньэлээх пууннарга баар алын уопсай, сүрүн уопсай, орто уопсай үөрэх бырагыраамаларын олоххо киллэрэр судаарыстыбаннай уонна муниципальнай үөрэх тэрилтэлэрин кылаас салайааччыларын ахсаана 7 265 киһиэхэ тэҥнэһэр. Оттон барыллаан ааҕыынан бу сыл балаҕан ыйыгар кылаас салайааччыларын ахсаана 7 327 киһиэхэ диэри тиийэрэ суоттанар. Бу сыалга федеральнай бүддьүөттэн көрүллэр барылланар үп-харчы кээмэйэ 2024 сылга – 2 782 119,9 тыһ. солк., 2025 сылга – 3 025 357,9 тыһ. солк., 2026 сылга – 3 025 357,9 тыһ. солк. ороскуоттанара күүтүллэр. Онон сибээстээн, кулун тутар ыйтан атырдьах ыйыгар диэри кылааһы салайыы иһин учууталларга хос ааҕыы (перерасчет) суоттаныаҕа, манна барыта 215 665,9 тыһ. солк. кээмэйдээх эбии үп-харчы көрүллүөҕэ.
Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт. Санаттахха, суһал офтальмологическай көмө киинигэр 30 саастаах кыыс…
Баһылай Манчаары аатынан "Модун" успуорт национальнай көрүҥнэрин киинигэр Федор Дегтярев аатынан СӨ мас-рестлиҥҥэ абсолютнай чөмпүйэнээт…
Урбаанньыттары уонна бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччы дьону түмэр "Биисинэс-Экспо” быыстапка сылтан сыл аайы ыытар үлэтэ киэҥ…
Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, Саха сирин бриллиантовай циркэтигэр 20-с төгүлүн өрөспүүбүлүкэҕэ баһылык харыйата буолла. Айсен…
Ньурба улууһугар Күндээдэ биир улахан, көхтөөх нэһилиэк. Манна 700-тэн тахса киһи олорор. Федеральнай суол Бүлүү…
Бүддьүөт секторыгар салайааччылары (управленецтары) салгыы сарбыйыы туһунан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитин кэмигэр иһитиннэрдэ.…