«Өрөгөй» сүүйүүлээх оонньуу тэрийээччилэрэ 1 мөлүйүөн солкуобайы Саха сириттэн байыаннай эпэрээссийэҕэ барааччыларга анаан көмө оҥордулар.
Бу туһунан «Якутия с тобой» хамсааһын салайааччыта Айыл Дьулурга социальнай ситимҥэ маннык эппит:
— Доҕоттоор, «Якутия с тобой» хамсааһыммытыгар көмө оҥорор Хотугулуу-Илиҥҥи пуондатын анал счетугар «Өрөгөй» сүүйүүлээх оонньуу тэрийээччилэрэ 1 мөлүйүөн солкуобайы көмө быһыытынан ыыттылар. Биһиги ыстааппытыгар уопсай сүбэнэн быһаарыныы ылыныахпыт. Байыаннай дьайыыга сылдьар дьоммут дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр туһунан толкуй эмиэ киирэ сылдьыбыта эрээри, бойобуой дьайыыга сылдьар уолаттарбыт этэҥҥэ тыыннаах эргиллэн кэлэллэрин туһугар анал тэриллэри, таҥас-сап, эмп-томп атыылаһар ордук дии саныыбын. Уопсай сүбэнэн быһаарарга сүбэ-соргу буолуҥ, манна санааҕытын суруйуҥ!
Билигин кини страницатыгар ити үбү хайдах сөпкө тыыран туһаныахха сөбүн туһунан кэпсэтии бара турар. Ол курдук, бу харчыны байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбыт дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөбүт дуу эбэтэр таҥаһынан-сабынан, сэбинэн-сэбиргэлинэн быстах хомуурга барааччылары хааччыйабыт дуу дэһэллэр.
Аан дойдуга соҕотох Хомус түмэлин пуондатыгар араас дойду 1882 муусукаҕа үстүрүмүөннэрэ хараллан сыталлар. Итинтэн 1744-дэ…
Сииттэ нэһилиэгэр олохтоох култуура дьиэтин үлэһиттэрин көҕүлээһиннэринэн "Олоҥхо төрдө - олоххо" диэн алын кылаас оҕолоругар…
ИДьМ Саха сиринээҕи салаатын Дьокуускайдааҕы 4-с №-дээх отделын дьуһуурунай чааһыгар 65 саастаах учуутал үҥсүү суруйбут.…
Кэбээйи волонтердара түөрт сиргэ аадырыстаан баһыылка оҥордулар. Ол курдук байыаннай дьайыыга ыытарга анаан, бурдук ас…
Аллайыаха улууһун Чокуурдаах бөһүөлэгэр күн аайы араас тэрээһиннэр ыытыллаллар. Ааспыт Олоҥхо күнүн чэрчитинэн бэҕэһээ олохтоохтор…
Кэнники сылларга Саха сиригэр кыһыҥҥы тымныыларга массыына умайыыта элбиир буолла. Сотору-сотору иһитиннэрии тахсар. Үгүстүк массыыналар…