Өрөгөй ырыатын биһирэмэ Суоттуга буолла
Суоттуга сэргэх тэрээһин буолла. Өрөгөй ырыатын биһирэмигэр нэһилиэк олохтоохторо муһуннулар.
Бу күн «Мичээр» сынньалаҥ киинигэр нэһилиэнньэ бары араҥата кыттыылаах улахан тэрээһиҥҥэ Сахабыт сирин, Суоттубутун хоһуйар ырыалар ылланнылар, хоһооннор ааҕылыннылар, үҥкүүлэр туруорулуннулар. Улахан хор толоруутугар СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Иннокентий Петрович Попов – Оҕуруоттаах хоһоонугар, олохтоох ааптар, мелодист Анастасия Егоровна Степанова музыкатыгар суруллубут Суотту өрөгөйүн ырыатын аан бастаан иһиттибит, биһирээтибит. Ырыа ис хоһоонугар дойдубут киэҥ нэлэмэн айылҕатын, Өлүөнэ эбэбитин, уйгу-быйаҥ сыһыыбытын, үлэһит үтүөтэ дьоммутун, кэскиллээх кэнчээри ыччаппытын уустаан-ураннаан олус табатык хоһуйбут. Мелодията — хоһоон тылын суолтатын өссө дириҥэтэн, истибит, ыллаабыт эрэ киһи дойдутугар таптала күүһүрэр гына айыллыбыт.
Хор ситиһиилээхтик толоруллан бар дьон биһирэбилин ылбыта музыка оҥорооччуттан уонна хору бэлэмнээбит исписэлиистэн эмиэ тутулуктаах. Биһиги нэһилиэкпитигэр ырыа эйгэтигэр ситиһиилээхтик үлэлиир талааннаах дьонноохпут. Өрөгөй ырыата сценаттан дьон болҕомтотугар ситиһиилээхтик тахсыбытыгар, музыка оҥорооччу Филипп Габышев уонна хору салайар идэлээх Елизавета Портнягина айымньылаах үлэлэрэ улахан оруоллаах.
Өрөгөй ырыата сурулларыгар этии киллэрбит педагогическай үлэ бэтэрээнэ, нэһилиэкпит бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Екатерина Ивановна Свинобоева буолар. Дьокутааттар сэбиэттэрин сиэссийэтигэр бигэргэнэн, олохтоох дьаһалта биһирэбилинэн ылламмыт ырыа Суотту дьонун, кэнчээри ыччатын үтүөҕэ-кэрэҕэ, кэскиллээх олоххо ыҥыра туруо диэн эрэнэбит.
Нэһилиэкпит сүрүн суолталаах айымньыта суруллан, ситэн-хотон, бар дьон болҕомтотугар тахсарыгар үлэлэспит дьоммутугар, хору толорбут ырыаһыттарбытыгар махталбытын этэбит.
Раиса Черкашина,
Суотту, Уус Алдан.
Валентина Патрасова хаартыскаҕа түһэриитэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: