Салгыы
Эрэгийиэҥҥэ пилота суох авиацияны сайыннарыахтара

Эрэгийиэҥҥэ пилота суох авиацияны сайыннарыахтара

Ааптар:
16.06.2023, 13:30
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Санкт-Петербурдааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы экэнэмиичэскэй пуорум чэрчитинэн суударыстыбыннай тырааныспар лизинговай хампаанньата уонна Саха сирин бырабыыталыстыбата пилота суох көтөр авиацияны сайыннарыыга сөбүлэһии түһэристилэр. Докумуоҥҥа Ил Дархан Айсен Николаев уонна хампаанньа баһылыга Евгений Дитрих илии баттаатылар. 

Сөбүлэһии чэрчитинэн хайысхалар пилота суох көтөр авиационнай систиэмэ интеграциятыгар, эрэгийиэҥҥэ пилота суох көтөр тэриллэри туһаныы, нуорма-быраап уонна тиэхиньиичэскэй баазаны саҥардыыга, дрон оператордарын бэлэмнииргэ уонна үөрэх бырагырааматын оҥорорго бииргэ үлэлиэхтэрэ.

«Бу докумуон «Беспилотная аэродоставка грузов» бырайыак олоххо кииритин саҕаланыытынан буолар. Таһаҕаһы тиэйииттэн ураты мониториҥҥа уонна аэрофотосъемкаҕа бииргэ үлэлээһин хайысхалара быһаарылыннылар. Эрэгиэйиэннэр икки ардыларынааҕы уонна федеральнай таһымнаах киин аһыллара былааннанар», — диэн Айсен Николаев эттэ.

Хаартыска --Ил Дархан уонна бырабыыталастыба пресс-сулууспата
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: