Эрэгийиэҥҥэ уон бастыҥ кэккэтигэр киирбит бырайыактартан биирдэстэрэ
Амма улууһун нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинэ VIII көрүҥнээх оскуола үөрэнээччилэригэр анаан “Идэҕэ эрдэттэн туһаайыы” коррекционнай-сайыннарар дьарык кууруһун бырагыраамата, былырыын Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сильные идеи для нового времени” пуорумҥа кыттан, эрэгийиэҥҥэ уон бастыҥ бырайыак кэккэтигэр киирбитэ.
Бырайыак ааптара, Амматааҕы нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин салайааччыта Лена Вензель:
— Биһиги оскуолаларга сылдьан идэҕэ эрдэттэн туһаайар үлэлэри ыытабыт. Иниспиэктэрдиир кэммэр, 2016 сыллаахха Амматааҕы VIII көрүҥнээх коррекционнай оскуола үөрэнээччилэригэр тиийэн кэпсииргэ кэккэ уустуктары көрсүбүтүм. Манна көннөрү оҕолор үөрэммэттэр, сорохтор диагностара уустук, кинилэр кэккэлэригэр инвалидностаах оҕолор эмиэ бааллар. Онон идэҕэ эрдэттэн туһаайар үлэ бырагырааматын кинилэргэ табыгастаах, тиийимтиэ буоларын туһугар анаан бэйэм толкуйдаан, судургутук оҥорбутум.
Коррекционнай оскуоланы бүтэрбит оҕолор баҕарбыт орто үөрэхтэригэр барытыгар туттарсар кыахтара суох. Ханнык үөрэх тэрилтэлэрэ, быһа холуйан ханнык идэлэргэ ылалларын билэн баран бырагыраама оҥорон, маҥнай оскуолаҕа сылга иккитэ, салгыы чиэппэр аайы тиийэн үлэлэһэр буолбутум.
Мин баран кыттыбыт кылаас чааспыттан хас оҕо Дьарыктаах буолуу киинигэр учуокка тура кэлбитин, 2022 сыллаахха ааҕан көрбүппүт. Онтон көстөрүнэн, 35 оҕоттон 85 % кэриэтэ биһиэхэ кэлбит. Бу оҕолор салгыы тугунан дьарыктаналларын испииһэктээн көрбүппүт. Үөрэххэ элбэх оҕо киирэр эрээри, бары бүтэрэр буолбатахтар. Үөрэҕи бүтэрбиттиин, бүтэрбэтэхтиин биһиэхэ иккистээн эргийэн кэлбиттэр этэ.
Р.С. Олесова СӨ Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин дириэктэринэн ананан баран, ким-туох идиэйэлээҕин, толкуйдааҕын ыйыталаспытыгар, көннөрү маннык бырагыраама толкуйдаан үлэлиибин диэн кэпсээбиппин сэҥээрэн, кумааҕыга түһэрэн миэхэ киллэр диэн эппитэ. Бэрт боростуойдук бэйэм оҥостор бырагыраамабын туппутунан киллэрэн көрдөрбүппүн, “Сильные идеи нового времени” пуорумҥа кытыннаран, бырайыакпыт өрөспүүбүлүкэҕэ уон бастыҥнар ахсааннарыгар киирбитэ”, — диэн кэпсиир.
Амма улууһун дьарыктаах буолуу киинэ тустаах бырайыагын дьон сэҥээрэн, араас сэминээрдэргэ кыттыбыттар, үлэлэрин уопута өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник тарҕаммыт.
Лена Кимовна коррекционнай оскуола оҕолоро оскуола кэнниттэн салгыы ханна үөрэммиттэрин, билигин тугунан дьарыктаналларын кэпсиир. “Биллэн турар, төрөппүттэн, чугас дьонуттан кинилэр өйөбүллэриттэн олус улахан тулуктаах.
Ханнык бырагыраамалар баалларын эдэр дьоҥҥо бэйэлэригэр эрэ буолбака, төрөппүттэригэр эмиэ билиһиннэрэр суолталаах. Холобур, биир оҕобут төрөппүттэрин көмөтүнэн үлэтин нэһилиэктэн саҕалаан кэҥээн, билигин улуус киинигэр Аммаҕа бэйэ дьарыктаах үлэһит быһыытынан, таһаарыылаахтык үлэлии сылдьарыттан олус үөрэбит.
Биһиги бырагыраамабытын таһынан Социальнай көмүскэл нөҥүө социальнай хантараак түһэрсэн кыттыбыт эдэр киһи ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар. Бу түгэҥҥэ биир даҕаны оҕо ситиһиитэ суолталаах. Ити курдук кэккэ холобурдар элбэхтэр”, — диэн этэр.
“Эрдэттэн идэҕэ бэлэмнээһин (профориентация)” бырайыак саамай улахан соругунан оҕолор олоххо бэйэлэрин миэстэлэрин булуулара, уустук түгэн үөскээтэҕинэ ким кинилэргэ көмөлөһүөн сөбүн, ханнык бырагыраамалар баалларын билиһиннэрии, ыйан-кэрдэн, сирдээн биэрии буолар.
“Сильные идеи для нового времени” пуорумҥа идиэйэлэри, бырайыактары күн бүгүн ыла тураллар. Бу номнуо бэлэм бырайыак эбэтэр көннөрү иитиэхтии сылдьар идиэйэҕит даҕаны буолуон сөп. Сайаапканы тохсунньу 31 күнүгэр диэри туталлар. Пуоруму Стратегическай көҕүлээһин агенствота (АСИ) уонна Росконгресс пуонда тэрийэн ыыталлар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: