Эрэгийиэннээҕи 122 нүөмэрдээх «быһа линияҕа» сыл саҕаланыаҕыттан 8,2 тыһыынча киһи эрийдэ. Бу туһунан брифиҥҥэ сулууспа салайааччыта Мария Винокурова иһитинэрдэ.
Бу күннэргэ хааччыйыы, уоппуска, байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин сытыы боппуруостара киирдилэр. “Уоппускаҕа кэлээччилэр уоппуска болдьоҕун кытаанахтык тутуһан, бүттэҕинэ байыаннай чааска тиийиэхтээхтэр диэн тоһоҕолоон бэлиэтиибин. Уоппускаларын кэмигэр байыаннай сулууспалаахтар доруобуйаларын чөлүгэр түһэриэхтэрин сөп, ол эрээри бу тэрээһиннэр уоппусканы уһаппаттар”, — диэтэ Мария Винокурова.
“Быһа линия” салайааччыта байыастары уонна кинилэр аймахтарын байыаннай сулууспалааҕы көрсүүнү тэрийэр туһугар бу линия үлэһиттэригэр көтөн кэлэр күннэрин уонна рейстэрин нүөмэрин биллэрэллэригэр көрдөстө.
“Ол курдук, ааспыт нэдиэлэҕэ байыаннай сулууспалаах аймахтара эрийэн сэрэтэннэр, байыаһы көрсүү тэриллибитэ”, — диэтэ Мария Винокурова.
Санаттахха, эрэгийиэннээҕи 122 эбии 1 нүөмэринэн “итии линияҕа” хомуур боппуруоһунан төлөпүөнү МФЦ суһал линиятыгар (өрөспүүбүлүкэтээҕи өйөбүл миэрэлэринэн), Саха сирин Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтин исписэлиистэригэр (балыыһаҕа киллэриигэ, чөлүгэр түһэриигэ, доруобуйаны чинчийтэриигэ, өрөспүүбүлүкэ иһигэр санаторийга-куруорка сынньаныыга) үлэ кэмигэр уонна психологтарга (суукканы эргиччи) холбуур кыахтаахтар .
Байыаннай сулууспалаахтары өйүүр миэрэлэри маннык ньыманан билиэххэ өп:
1. Суукканы эргиччи үлэлиир босхо нүөмэргэ 122 эбии. 1 (атын эрэгийиэннэргэ 8(4112)510-122) эрийэн.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…
Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл. …
— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…
Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…
Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…