Эрэгийиэннээҕи ийэ хапытаалын 1295 ыал ылла

Share

Өрөспүүбүлүкэҕэ икки тыһыынча кэриҥэ ыал бастакы оҕолоругар биир кэмнээх төлөбүрү ылбыттарын туһунан СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова быһа эпиир кэмигэр иһитиннэрдэ.

Босуобуйалар, төлөбүрдэр кээмэйдэрэ сыллата индексацияланан, кыралаан үрдүүр, эбиллэр. Сыл саҕаланыаҕыттан икки тыһыынча кэриҥэ ыал бастакы оҕолоругар төлөбүр ыллылар.  Бу төлөбүр кээмэйэ бэс ыйын 1 күнүттэн үрдээн Арктика оройуоннарыгар 1-кы зонаҕа – 51 тыһыынча, Саха сирин киин өттүгэр 42 806 солкуобай буолбута. Бу төлөбүр 2019 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн төрөөбүт оҕолоох ыалларга бэриллэр

Елена Волкова иһитиннэрбитинэн, маны таһынан эрэгийиэннээҕи ийэ хапытаала иккис оҕо төрөөтөҕүнэ көрүллэр. Бу сылга маннык төлөбүрү  1295  ыал ылбыт. Төлөбүр суумата  207 943 солкуобай.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьирээ суруксут, тыл ууһа

Бу күннэргэ биир дойдулааҕым, Учууталым диэн улахан буукубаттан суруйар, ытыктыыр-сүгүрүйэр киһим Баһылай Сэмэнэбис Сүөдэрэп-Сэмээр Баһылай…

9 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайдааҕы көтөрү иитэр баабырыка 100 мөл. сымыыты ылар былаанын толоруоҕа

Ахсынньы 13 күнүнээҕи туругунан сымыыт былырыыҥҥы кээмэйин -- 97,7 мөл устууканы ыллылар. Сыл бүтүөр диэри…

35 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс түмүктэннэ

Күүтүүлээх-кэтэһиилээх, биэс күн устата барбыт долгутуулаах Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ.…

49 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Кыл Саха» 10 сыллаах дьоро киэһэтигэр «кылыһахтардыын сахалыы кэпсэтэ»

2014 сыллаахха СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин Гранынан,  оччотооҕу миниистир Андрей Борисов өйөөһүнэн, маастардар…

1 час ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Дьокуускай олохтооҕо түөкүттэр угаайыларыгар киирэн биэрбит

Дьокуускай олохтооҕо түөкүттэр угаайыларыгар киирэн биэрэн, 300 тыһыынча солкуобай кэриҥэ харчытыттан мэлийбит. Дьокуускайга 2 №-дээх…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Чэгиэн-чэбдик буол

Бэйэбитин көрүнүөҕүҥ, доруобуйабытыгар туһалааҕы оҥостуоҕуҥ. Ытыстары бэйэ-бэйэлэригэр аалан сылытыллар уонна сырдык киирбэтин курдук тарбахтары бэйэ-бэйэлэригэр…

2 часа ago