Эрэгийиэннээҕи Ийэ хапытаалын 677 ыал ылла
Дьиэ кэргэн сылыгар үһүс уонна онтон кэлэр оҕоҕо бэриллэр эрэгийиэннээҕи Ийэ хапытаалын суумата Ил Дархан ыйааҕынан икки төгүл үрдээн, 300 тыһыынча солкуобайга тэҥнэспитэ.
Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтин иһитиннэриитинэн, бу сыл саҕаланыаҕыттан эрэгийиэннээҕи Ийэ хапытаалын номнуо 677 дьиэ кэргэн ылан, туһанна.
Өскөтүн эрэгийиэннээҕи Ийэ хапытаала былырыын анаммыт буолан баран, туһанылла илик буоллаҕына, быйыл суумата 150 тыһыынча солкуобайтан 300 тыһыынча солкуобайга тиийэ үрдүүр.
Ону тэҥэ, Ил Дархан ыйааҕынан «100 сыл оҕолоро» хапытаал өссө 5 сылга уһаан, 2027 сылга диэри бэриллэр буолла. 2024 сыл саҥатыттан бу хапытаалы 2752 ыал ылла.
Тохсунньу, олунньу, кулун тутар ыйдарга байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр биирдэ бэриллэр көмөнү 709 ыал ылла. Бастакы оҕолоро төрөөбүт ыалларга көмө харчыны 547 ыал ылла.
25-гэр диэри саастаах эдэр дьон саҥа ыал буолаат, 50 тыһыынча солкуобайдаах көмөнү ыллылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: