Эрэгийиэннээҕи Ийэ хапытаалын 677 ыал ылла

Share

Дьиэ кэргэн сылыгар үһүс уонна онтон кэлэр оҕоҕо бэриллэр эрэгийиэннээҕи Ийэ хапытаалын суумата Ил Дархан ыйааҕынан икки төгүл үрдээн, 300 тыһыынча солкуобайга тэҥнэспитэ. 

Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтин иһитиннэриитинэн, бу сыл саҕаланыаҕыттан эрэгийиэннээҕи Ийэ хапытаалын номнуо 677 дьиэ кэргэн ылан, туһанна.

Өскөтүн эрэгийиэннээҕи Ийэ хапытаала былырыын анаммыт буолан баран, туһанылла илик буоллаҕына, быйыл суумата 150 тыһыынча солкуобайтан 300 тыһыынча солкуобайга тиийэ үрдүүр.

Ону тэҥэ, Ил Дархан ыйааҕынан  «100 сыл оҕолоро» хапытаал өссө 5 сылга уһаан, 2027 сылга диэри бэриллэр буолла. 2024 сыл саҥатыттан бу хапытаалы 2752 ыал ылла.

Тохсунньу, олунньу, кулун тутар ыйдарга байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр биирдэ бэриллэр көмөнү 709 ыал ылла. Бастакы оҕолоро төрөөбүт ыалларга көмө харчыны 547 ыал ылла.

25-гэр диэри саастаах эдэр дьон саҥа ыал буолаат, 50 тыһыынча солкуобайдаах көмөнү ыллылар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Саҥа билсибит дьахтара харчытын уоран барбыт…

Бу күннэргэ Ис дьыала министиэристибэтин Дьокуускайдааҕы 1 нүөмэрдээх полициятын отделыгар   харчытын уордарбыт куорат олохтооҕуттан сайабылыанньа…

14 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Уһук Илин гимнасткалара Нерюнгригэ мустуохтара

Нерюнгри оройуонугар ыам ыйын 14-18 күннэригэр художественнай гимнастикаҕа оскуола оҕолорун Арассыыйатааҕы XII сайыҥҥы спартакиадаларын  иккис түһүмэҕэ…

29 минут ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Сэмсэ тыл»: Грузия былааһа омук сабыдыалыттан тахса сатыыр

Ол эрээри оппозиция евроинтеграция диэн көөчүктээн майдаан суолун тутуһар диэн этэр политолог Чокуур Гаврильев.  

49 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Буруйу оҥоруу 8 түбэлтэтэ бэлиэтэннэ

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу 8 түбэлтэтэ бэлиэтэннэ. СӨ Борокуратуурата иһитиннэрбитинэн,  Кэбээйи улууһун Сэбээн Күөлүгэр …

1 час ago
  • Сонуннар

Ньурба нэһилиэктэригэр ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ биллэрилиннэ

КЧС быһаарыытынан Ньурба куоракка, Дьаархан уонна Октябрьскай нэһилиэктэригэр ыксаллаах быһыы-майгы  эрэсиимэ биллэрилиннэ. Бу туһунан олоҕу-дьаһаҕы…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Муус Хаҥалас улууһунан устан эрэр

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников бүгүн сарсыарда халаан  балаһыанньатын билиһиннэрдэ.   -  Өлүөнэ өрүс…

2 часа ago