Салгыы
Эрэгийиэннээҕи Ийэ хапытаалын суумата үрдүөҕэ

Эрэгийиэннээҕи Ийэ хапытаалын суумата үрдүөҕэ

26.09.2023, 19:53
Хаартыска: ykt.ru
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев тэлэбиидэнньэҕэ  быһа эпииргэ тахсан, ыйытыыларга хоруйдаата, 5 сыллаах үлэни торумнаата.

— Өрөспүүбүлүкэ бүттүүнүн ситиһиитэ — нэһилиэнньэ ахсаана 1 мөлүйүөн киһи буолбута. 1985 сыллаахха эмиэ мөлүйүөн ахсаан ситиһиллэ сылдьыбыта. Мөлүйүөн ахсаанынан төрөөбүт уол билигин теплоход хапытаана, олоҕо дьоллоохтук салаллыбыт. Билигин мөлүйүөн ахсааны аҕалбыт Сайыына олоҕо эмиэ дьоллоох буолуо диэн эрэнэбин.

Ахсааммыт элбээн иһэр. Атырдьах ыйынааҕы туругунан, ахсааммыт номнуо  1 000 1500 киһи буолбут этэ, бу эбиллэн иһэрбитин көрдөрөр сыыппара. Уһук Илин элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэрин чиэппэрэ Саха сиригэр олорор. Дьиэ кэргэттэри өйүүр миэрэлэр көмөлөрүнэн, оҕо төрөөһүнэ эбиллэн иһэр. 2018 сыллаахха дьиэ кэргэттэри өйүүргэ 3 миллиард солкуобай көрүллэр эбит буоллаҕына, билигин үбүлээһин 26 миллиард солкуобайга тэҥнэстэ. Ол эбэтэр, 8 төгүл үрдээтэ! Бу бэрэсидьиэн  быһаарыыларын уонна биһиги ылыммыт миэрэлэрбит түмүктэрэ буолар. Бу үлэ салҕанар.

Быйыл үһүс уонна онтон кэлэр оҕо төрөөтөҕүнэ бэриллэр эрэгийиэннээҕи Ийэ хапытаалын суумата үрдээн, 300 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһиэҕэ. Саҥа холбоһор эдэрдэргэ биирдэ бэриллэр төлөбүр кээмэйэ эмиэ улаатыаҕа. 

Дьон уһуннук олороругар анаан доруобуйа харыстабылыгар кэккэ уларыыйылар киириэхтэрэ. Биһиги ыытар бэлиитикэбитигэр дьиэ кэргэн, оҕо аймах, төрөөһүн, уһун үйэлэнии, дьон олоҕун хаачыстыбатын тупсарыы боппуруостара мэлдьи инники күөҥҥэ тутуллуохтара, — диэн Айсен Николаев эттэ.

+1
4
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
4 декабря
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: