Эрэгийиэннээҕи «итии лииньийэ» байыаннай сулууспалаахтар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин боппуруостарын, кыһалҕаларын быһаарыыга көмөлөһөр

Share

2023 сыл саҥатыттан эрэгийиэннээҕи «итии лииньийэҕэ» (122 нүөмэр)  389-та эрийэн, байыаннай эпэрээссийэҕэ сыһыаннаах араас хабааннаах ыйытыылары биэрбиттэр. Бу туһунан  эрэгийиэннээҕи  «итии лииньийэ» салайааччыта Мария Винокурова иһитиннэрдэ. 

«Үгүс ыйытыы быстах хомуурга ыҥырыллан барбыт байыастар сибээскэ тахсыбатахтарын кытта сибээстээх. Кинилэр туруктарын, хайдах-туох, ханна сылдьалларын туһунан ыйыталлар. Ону тэҥэ, бааһырбыт байыастарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр хайдах-туох көмөлөһөр туһунан элбэх ыйытыы киирдэ», – диэн Мария Винокурова иһитиннэрдэ.
Мария Винокурова бу күннэргэ байыаннай эпэрээссийэ буола турар сиригэр-уотугар смартфоннары туһаныы уонна хаартыскаҕа түһэрии, видеоҕа устуу адьас бобуллубутун туһунан иһитиннэрдэ. Байыаннай чааска баар анал төлөпүөннэртэн хамандыыр көҥүллээтэҕинэ эрэ кэпсэтэр кытаанах эрэсиим киирбит. Маннык эрэсиим киирбитэ тоҕото өйдөнөр.

«Байыаннай сулууспалаахтар сибээскэ тоҕо тахсыбаттарын туһунан ыйытыыны РФ Оборуонаҕа министиэристибэтин исписэлииһигэр тута аһарабыт. Кини итинник тустаах ыйытыыларга сиһилии хоруйдуур. Санатар буоллахха, чугас аймахтара эрэ итинник ыйытыыны биэриэхтээхтэр, чугас аймахтарыгар эрэ хоруйдууллар», – диэн Мария Винокурова быһаарар.  «Итии лииньийэҕэ» олоххо-дьаһахха сыһыаннаах араас хабааннаах ыйытыылар киирэллэр. Холобур, тохсунньу 5 күнүгэр байыаннаах сулууспалаах ийэтэ уонна балта кини чуолкай бааһырбытын билээри эрийбиттэр.  «Биһиги исписэлиистэрбит кинилэри тута РФ Оборуонатын министиэристибэтин исписэлииһин кытта холбообуттара. Онуоха оператор  байыаннай сулууспалаах  байыаннай эпэрээссийэ аттыгар баар госпиталга сытарын туһунан этэн туран, кинини эмтэниигэ ыытарга бэлэмнииллэрин иһитиннэрбитэ. Бу иннинэ аймахтар испииһэккэ дьоннорун кыайан булан ылбаттара, тоҕо диэтэххэ, сахалыы ааты сыыһа суруйбут буолаллар эбит. Онон итинник хабааннаах түгэннэр тахсыталыыллар», – диэн Мария Винокурова иһитиннэрдэ.

Дьон араас хабааннаах ыйытыытыгар сөптөөх хоруйу биэрэр инниттэн тустаах министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр бары кыттыһан үлэлииллэр. Холобур, «итии лииньийэ» уонна  СӨ Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтин исписэлиистэрэ  байыаннай сулууспалаахха доруобуйатын туругунан 30 күннээх уоппусканы бэрдэрэри ситиспиттэрэ.

«Байыаннай сулууспалаах госпиталларынан сылдьар кэмигэр мэдиссиинискэй докумуонун сүтэрбит этэ. Ол иһин докумуоннарын куопуйалыырга уонна Дьокуускай куоракка кэлэригэр (госпитализацияҕа) көмөлөһөргө көрдөспүтэ. Онуоха маны быһаарыыга СӨ Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтэ кыттыспытын түмүгэр,  байыаннай сулууспалаах  соторутааҕыта Дьокуускай куоракка эмтэниигэ кэлбитэ», – диэн  Мария Винокурова кэпсээтэ.

Онон «итии лииньийэ» 122 диэн нүөмэригэр эрийэн (1 диэн кунуопканы баттаан), ыйытыыларгытын биэриэххитин сөп. Атын эрэгийиэнтэн 8(4112)510-122 диэн нүөмэргэ эрийэҕит.

Recent Posts

  • Култуура
  • Спорт

Оһуокайга бастакы үөрэнээччитэ

Өрөспүүбүлүкэтээҕи  "Оһуокай" түмсүү Дархан этээччитэ Лариса Николаевна оскуола үөрэнэччилэрин дьарыктаабыта ыраатта. Туйах хатарааччылаах бастыҥ этээччибит…

9 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Олоҥхо тыйаатыра норуот култуурунай баайын эбийиэгинэн билинилиннэ

Айсен Николаев Олоҥхо тыйаатырын Саха сирин норуоттарын култуурунай баайын эбийиэгинэн билинэр туһунан Ыйаахха илии баттаата.…

10 часов ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Суумканы уоран тутулунна

Дьокуускайга 4 №-дээх полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар дьахтар суумкатын уордарбытын туһунан сайабылыанньа суруйбут. Кини киин…

10 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тулалыыр айылҕаҕа сыһыан

Алааска, тыаҕа сылдьан хаһыытыыры, улаханнык айдаарары боболлорун билэргит буолуо. Ону таһынан өссө тугу сэрэтэллэрий, өйдөтөллөрүй?…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Дархан дьиэ кэргэннээх үлэһиттэри өйүүргэ сорудахтаата

Айсен Николаев Судаарыстыбаннай Мунньахха (Ил Түмэҥҥэ)  туһаайан этиитигэр дьиэ кэргэннээх үлэһиттэри өйүүр миэрэлэри олоххо киллэрэргэ…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үбүлүөйдээх сылы түмүктүүр тэрээһин буолан ааста

Үгүс үбүлүөйдээх тэрээһиннэринэн баай Өлүөхүмэ улууһун 1-Нөөрүктээйитээҕи модельнай бибилэтиэкэҕэ, ааспыт нэдиэлэҕэ сылы түмүктүүр тэрээһин буолан…

11 часов ago