2023 сыл саҥатыттан эрэгийиэннээҕи «итии лииньийэҕэ» (122 нүөмэр) 389-та эрийэн, байыаннай эпэрээссийэҕэ сыһыаннаах араас хабааннаах ыйытыылары биэрбиттэр. Бу туһунан эрэгийиэннээҕи «итии лииньийэ» салайааччыта Мария Винокурова иһитиннэрдэ.
«Байыаннай сулууспалаахтар сибээскэ тоҕо тахсыбаттарын туһунан ыйытыыны РФ Оборуонаҕа министиэристибэтин исписэлииһигэр тута аһарабыт. Кини итинник тустаах ыйытыыларга сиһилии хоруйдуур. Санатар буоллахха, чугас аймахтара эрэ итинник ыйытыыны биэриэхтээхтэр, чугас аймахтарыгар эрэ хоруйдууллар», – диэн Мария Винокурова быһаарар. «Итии лииньийэҕэ» олоххо-дьаһахха сыһыаннаах араас хабааннаах ыйытыылар киирэллэр. Холобур, тохсунньу 5 күнүгэр байыаннаах сулууспалаах ийэтэ уонна балта кини чуолкай бааһырбытын билээри эрийбиттэр. «Биһиги исписэлиистэрбит кинилэри тута РФ Оборуонатын министиэристибэтин исписэлииһин кытта холбообуттара. Онуоха оператор байыаннай сулууспалаах байыаннай эпэрээссийэ аттыгар баар госпиталга сытарын туһунан этэн туран, кинини эмтэниигэ ыытарга бэлэмнииллэрин иһитиннэрбитэ. Бу иннинэ аймахтар испииһэккэ дьоннорун кыайан булан ылбаттара, тоҕо диэтэххэ, сахалыы ааты сыыһа суруйбут буолаллар эбит. Онон итинник хабааннаах түгэннэр тахсыталыыллар», – диэн Мария Винокурова иһитиннэрдэ.
Дьон араас хабааннаах ыйытыытыгар сөптөөх хоруйу биэрэр инниттэн тустаах министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр бары кыттыһан үлэлииллэр. Холобур, «итии лииньийэ» уонна СӨ Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтин исписэлиистэрэ байыаннай сулууспалаахха доруобуйатын туругунан 30 күннээх уоппусканы бэрдэрэри ситиспиттэрэ.
«Байыаннай сулууспалаах госпиталларынан сылдьар кэмигэр мэдиссиинискэй докумуонун сүтэрбит этэ. Ол иһин докумуоннарын куопуйалыырга уонна Дьокуускай куоракка кэлэригэр (госпитализацияҕа) көмөлөһөргө көрдөспүтэ. Онуоха маны быһаарыыга СӨ Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтэ кыттыспытын түмүгэр, байыаннай сулууспалаах соторутааҕыта Дьокуускай куоракка эмтэниигэ кэлбитэ», – диэн Мария Винокурова кэпсээтэ.
Онон «итии лииньийэ» 122 диэн нүөмэригэр эрийэн (1 диэн кунуопканы баттаан), ыйытыыларгытын биэриэххитин сөп. Атын эрэгийиэнтэн 8(4112)510-122 диэн нүөмэргэ эрийэҕит.
Cаха сирин синоптиктарын сабаҕалааһыннарынан бүгүн, ахсынньы 24 күнүгэр, Арктика кытылынан сорох сиринэн хаардыыр. Бу туһунан…
Өрөспүүбүлүкэтээҕи "Оһуокай" түмсүү Дархан этээччитэ Лариса Николаевна оскуола үөрэнэччилэрин дьарыктаабыта ыраатта. Туйах хатарааччылаах бастыҥ этээччибит…
Айсен Николаев Олоҥхо тыйаатырын Саха сирин норуоттарын култуурунай баайын эбийиэгинэн билинэр туһунан Ыйаахха илии баттаата.…
Дьокуускайга 4 №-дээх полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар дьахтар суумкатын уордарбытын туһунан сайабылыанньа суруйбут. Кини киин…
Алааска, тыаҕа сылдьан хаһыытыыры, улаханнык айдаарары боболлорун билэргит буолуо. Ону таһынан өссө тугу сэрэтэллэрий, өйдөтөллөрүй?…
Айсен Николаев Судаарыстыбаннай Мунньахха (Ил Түмэҥҥэ) туһаайан этиитигэр дьиэ кэргэннээх үлэһиттэри өйүүр миэрэлэри олоххо киллэрэргэ…