Эрэгийиэннэр аҕа баһылыктарын быыбардара
Быйыл балаҕан ыйын 10 күнүгэр Арассыыйа 26 эрэгийиэнигэр аҕа баһылыктар быыбардара ыытыллыаҕа. Ол иһигэр байыаннай балаһыанньа биллэриллэн турар түөрт саҥа эрэгийиэҥҥэ эмиэ быыбардар ыытыллыахтара.
Эрэгийиэн салайааччыларын быыбарын устуоруйатыттан
Эрэгийиэннэр салайааччыларын бэйэлэрэ куоластаан талыылара бэрт интэриэһинэй устуоруйалаах. Бу отучча сыл иһигэр сокуон хаста да уларыйбыта-тэлэрийбитэ. Биир кэмҥэ субъектар бэрэсидьиэннэрин, губернатордарын Арассыыйа бэрэсидьиэнэ бэйэтэ аныыр, устар буола сылдьыбыта. Онон бастаан устуоруйаттан ылан көрүөххэ.
Эрэгийиэннэргэ бастакы быыбар 1991 сыллаахха бэс ыйын 12 күнүгэр ыытыллыбыта. Ити күн Арассыыйа (оччолорго РСФСР) бэрэсидьиэнин быыбарын кытары тэҥҥэ Москваҕа, Ленинградка уонна Татарстаҥҥа аҕа баһылыктар талыллыбыттара. Онтон кыһын алтынньыга Калмыкияҕа, ахсынньыга Чувашияҕа, Марий Элга, Мордовияҕа, Адыгеяҕа, Кабардино-Балкарияҕа уонна Саха сиригэр өрөспүүбүлүкэлэр бэрэсидьиэннэрин быыбардара ыытыллыбыта. 1992 сыллаахха Тываҕа, 1993 сыллаахха Ингушетияҕа, Башкирияҕа, Липецк, Орлов, Пенза, Амур, Брянкс, Челябинскай, Смоленскай уобаластарыгар, Красноярскай кыраайга буолбута.
1994-1995 сыллардаахха өссө сүүрбэччэ эрэгийиэҥҥэ губернатордары быһаччы куоластаан талбыттара.
1995 сыллаахха “РФ эрэгийиэннэригэр судаарыстыбаннай былаас уорганнарыгар уонна олохтоох салайыныыга быыбардар тустарынан” РФ бэрэсидьиэнин ыйааҕа тахсан, 1996 сылтан эрэгийиэннэргэ үгүстэригэр аҕа баһылыктары талыы быыбарынан ыытыллар буолбута. Оттон 1999 сыллаахха Арассыыйа Төрүт Сокуонугар олоҕуран, “РФ субъектарын судаарыстыбаннай былааһын сокуону оҥорор уонна толорор уорганнарын уопсай бириинсиптэрин туһунан” федеральнай сокуон тахсыбыта. Бу сокуонунан эрэгийиэннэр бэйэлэрин бэрэсидьиэннэрин, губернатордарын, дьокутааттарын бүттүүн куоластаан талар кыахтаммыттара, РФ бэрэсидьиэнинэн эрэгийиэн салайааччытын аныыр, устар тохтотуллубута. Борис Ельцин бүтэһигин Кемеров уобалаһын салайааччытын Михаил Кислюкову устубута. Бу сокуон тахсыбытын кэннэ Дагестаҥҥа эрэ бэрэсидьиэн өрөспүүбүлүкэ Төрүт Сокуонун мунньаҕынан бигэргэтиллэр этэ.
2001 сыллаахха бу сокуоҥҥа уларытыылар киирэннэр, эрдэ талыллыбыт бэрэсидьиэннэр үһүс болдьохторугар быыбарга кыттар быраабы ылбыттара. Кинилэр бэрэсидьиэҥҥэ олорбут болдьохторо сокуон тахсыбыт сылыттан, ол эбэтэр 1999 сылтан, ааҕыллар буолбута. Бу уларыйыыны эрэгийиэннэр ылыналларын, ылымматтарын бэйэлэрэ быһаарыахтаахтара. Холобур, биһиэхэ Михаил Николаев үһүс болдьоҕор быыбарга кыттар быраабы ылбатаҕа. Онон ити сыл бэрэсидьиэн быыбара Саха сиригэр икки түһүмэҕинэн ыытыллыбыта. Вячеслав Штыров быыбар иккис түһүмэҕэр 52,25 % куолаһы ылан, бэрэсидьиэнинэн талыллыбыта.
2004 сыллаахха РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Хотугу Осетияҕа Беслаҥҥа буолбут теракт кэнниттэн эрэгийиэннэр салайааччыларын парламенынан аныыры төннөрүөххэ наада диэн федеральнай сокуоҥҥа уларытыылары киллэрбитэ. Онон бу сылтан саҕалаан субъектар салайааччылара бары Арассыыйа бэрэсидьиэнин өйөбүлүн ылан, олохтоох парламенынан бигэргэтиллэр буолбуттара, бүттүүн куоластааһын диэн сотуллубута.
Бу көннөрүү кэлин аҕыс буолан баран, 2012 сыллаахха көтүрүллүбүтэ. Бу сыл Амур, Белгород, Брянск, Новгород, Рязань уобаластарыгар олохтоохтор губернатордарын бүттүүн куоластаан талбыттара. Ити кэмҥэ эрэгийиэн салайааччыларынан олорор губернатордар болдьохторо 2012 сылтан ааҕыллар буолбута. Саха сиригэр 2014 сыллаахха бүттүүн куоластааһын киирэн, Егор Борисов талыллыбыта.
Билигин Арассыыйа сокуонунан эрэгийиэннэр аҕа баһылыктара быыбарынан эбэтэр парламенынан бигэргэтиллэн талыллаллар. Адыгеяҕа, Дагестаҥҥа, Ингушетияҕа, Хотугу Осетияҕа, Крымҥа, Кабардино-Балкарияҕа, Карачаево-Черкессияҕа, Ханты-Мансийскайга, Ямало-Ненецкэй, Ненецкэй автономнай уокуруктарга эрэгийиэн салайааччыларын парламенынан аныыллар. Онтон атыттарыгар барытыгар эрэгийиэннэр салайааччыларын бүттүүн куоластаан талаллар. 2014 сыллаахха Арассыыйа састаабыгар киирбит Крым Өрөспүүбүлүкэтигэр уонна Севастополь куоракка салайааччылар эмиэ парламенынан анаммыттара. Кэлин Севастополь баһылыгын быһаччы куоластаан талыыга көспүтэ.
Быйылгы быыбар уратыта
Быйыл биир кэлим куоластааһын күнүгэр балаҕан ыйын 10 күнүгэр 26 эрэгийиэҥҥэ губернатордар, 16 эрэгийиэҥҥэ олохтоох парламент дьокутааттарын быыбардара буолаары турар. 23 эрэгийиэҥҥэ аҕа баһылыктар быыбарынан талыллыахтара, оттон үс эрэгийиэҥҥэ губернатордары парламент иһиттэн аныахтара.
РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыам ыйын 29 күнүгэр байыаннай балаһыанньа биллэриллибит эрэгийиэннэригэр куоластааһыны ыытыы туһунан сокуоҥҥа илии баттаан, быйыл түөрт саҥа эрэгийиэҥҥэ Донецкай, Луганскай Өрөспүүбүлүкэлэргэ, Запорожье, Херсон уобаластарыгар быыбардар эмиэ ыытыллыахтара. Донецкайга, Луганскайга аҕа баһылыктар парламенынан талыллыахтара.
Быйылгы быыбар туох уратылаах буолуоҕай? Бастатан туран, аан дойду үрдүнэн улахан уларыйыылар буола турар кэмнэригэр хас биирдии ыытыллар быыбар ураты суолталаах. Буолаары буолан, билигин анал байыаннай эпэрээссийэ биллэриллэн турар кэмигэр. Иккиһинэн, кэлиҥҥи биэс сылтан бэттэх бэйэ туруорунуутунан кыттар хандьыдаат диэн быйылгы быыбардарга суох буолла. Урукку өттүгэр эрэгийиэни салайан олорор баһылыктар уонна губернатор эбээһинэһин быстах кэмҥэ толоро олорор салайааччылар быыбарга бэйэ кандидатуратын туруорунан кыттар эбит буоллахтарына, быйыл бары кэриэтэ “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйаттан туруохтара. Арай Хакасияҕа уонна Орлов уобалаһыгар билигин эрэгийиэни салайан олорор губернатордар “КПРФ” баартыйаттан кыттыахтара, Валентин Коновалов уонна Андрей Клычков. Хакасияҕа “Биир ньыгыл Арассыыйа” Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаатын Сергей Соколы туруорар былааннаах. Санатан эттэххэ, 2018 сыллаахха Хакасия Өрөспүүбүлүкэтигэр губернатор быыбарыгар бастакы түһүмэххэ “Биир ньыгыл Арассыыйаттан” турбут эрэгийиэни 2009 сылтан салайан олорбут Виктор Зимин Валентин Коновалов кэнниттэн иккис кэлбитэ. Быыбар иккис түһүмэҕэр кандидатуратын туруоран баран, кэлин тиһэҕэр устуммута. Коновалов эрэгийиэн салайааччытынан талыллыбыта. Онон Хакасияҕа биир эмиэ интэриэһинэй быыбар буолан турардаах.
Быһаччы куоластаан талыллар эрэгийиэн салайааччыларыттан 17 губернатор быыбарга иккис болдьохторугар тураллар. Түөрт хандьыдаат билигин губернатор эбээһинэһин толорооччунан олороллор. Смоленскай, Омскай уобаластар, Красноярскай кыраай уонна Чукотка губернатордара. РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быыбарга кыттар салайааччылары үгүстэрин кытары көрүстэ. Бу соторутааҕыта Саха сирин Ил Дарханын Айсен Николаевы, Москва уобалаһын губернаторын Андрей Воробьеву, Магадан уобалаһын губернаторын Сергей Носовы кытары көрсүбүтэ.
Онон үс ыйынан эрэгийиэннэр таһымнарыгар эмиэ биир улахан быыбардар буолаары тураллар. Бу быыбардары эһиилги Арассыыйа бэрэсидьиэнин быыбарыгар бэлэмнэнии быһыытынан сыаналыахха сөп.
Эрэгийиэн салайааччыларын быыбарыгар 2019 сыллаахха саамай элбэх киһи бэйэ кандидатуратын туруорунан кыттыбыта. Быйыл хандьыдааттар үгүстэрэ сүрүн баартыйаттан быыбарга кыттыахтара. Ити, биир өттүнэн, Арассыыйа сүрүн баартыйатын күүһүрдэрин бэлиэтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: