“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да ойутан туруордахха биирдии чаас эҥкилэ суох этэллэр. Оннооҕор сэттэ чаас устата толорор буолан эрэллэр” — диэн Олоҥхо күннэрин көрсө тэриллибит пресс-кэмпириэнсиэйэҕэ иһитиннэрэн сөхтөрдүлэр.
Быйылгы Олоҥхо күннэрэ тыл билимин хандьыдаата, Саха сирин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, олоҥхону үөрэтиигэ, тарҕатыыга, аан дойдуга тахсыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбит Агафья Еремеевна Захароваҕа ананар. СӨ Култууратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирэ Афанасий Ноев олоҥхоҕо сыһыаннаах тэрилтэлэр бары олоҥхону сайыннарыыга үгүс үлэни ыыталларын бэлиэтээтэ. Холобур, Олоҥхо тыйаатыра Дьокуускай куорат уонна мантан чугас сытар оскуолаларга тиийэн тыһыынчанан оҕоҕо олоҥхону анаан-минээн көрдөрөр. Таатта улууһун дьаһалтата, улуустааҕы култуура управлениета, Олоҥхо ассоциацията кыттыһан Чөркөөххө (Таатта улууһа) алтынньы-сэтинньи ыйдарга оҕолорго аналлаах лааҕыры үлэлэппиттэр. Ону таһынан, кэлиҥҥи сылларга “Ыалга олоҥхолооһун”, “Олоҥхоһут – оскуолаҕа”, “Олоҥхо дойдутунан олохтоох айан”, “Олоҥхону тэрилтэнэн истии”, “Истээччини иитии” о.д.а. анал хайысхаларынан үлэлэр ситимнэнэн баран иһэллэрин эттэ. “Улуустарынан кэрийэ сылдьан олоҥхолооһун Олоҥхо ассоциациятын көмөтүнэн киэҥник биһирэнэн эрэр. Кыһыҥҥы кэмҥэ тэрилтэлэргэ, култуура дьиэлэригэр, балаҕаннарга олоҥхоһуттары ыҥыран, өбүгэлэрбит – хос-хос эбэлэрбит, эһэлэрбит былыр олоҥхону истибит эйгэлэригэр киирдэхпитинэ ис турукпут өссө арыллыа этэ” – диэн миниистир бэлиэтиир.
Олоҥхону киэҥник тарҕатыыга сүрүн тэрээһиннэринэн Олоҥхо күннэрэ уонна Олоҥхо ыһыаҕа буолаллар. Ол курдук, эһиил Олоҥхо ыһыаҕа – Нерюнгригэ, 2026 сылга – Кэбээйигэ, 2027 сылга – Ленскэйгэ ыытыллыаҕа диэн иһитиннэрдилэр.
Онтон чопчу Олоҥхо күнүн иитинэн олус элбэх тэрээһини тэрийээри олороллор эбит. Ол курдук, билим-быраактыка кэмпириэнсийэтин, “төгүрүк остуолу”, Олоҥхо олимпиадатын, Олоҥхо дьыктаанын, дьиэ кэргэнинэн күрэһи, “Хомуур олоҥхотун”, оҕолорго олоҥхону толорууга, уруһуйга күрэстэри, Олоҥхо тыйаатырдара кэккэ олоҥхолору, олор истэригэр тустаах тыйаатыр уонна Өктөм (Хаҥалас) улууһун оскуолатын кыттыгас толкуйдарынан, үөрэнээччилэр кыттыыларынан “Дьорҕостой Бэргэн” аныгы, сэргэх испэктээги көрдөрүөхтэрэ, о.д.а. тэрээһиннэри ыытыахтара. Билигин оҕолорго аналлаах “Олоҥхо дойдутугар айан”, “Олоҥхонон оонньуулар уонна оонньуурдар” бэстибээллэр буола тураллар. Эһиил Олоҥхо ыһыаҕа Нерюнгригэ тэриллэринэн, тустаах улууска эдэрдэр кыттыылаах туспа бэстибээл буолуоҕа. Улуустар саҥа ньымалары киллэрэн эрэллэрин бэлиэтииллэр. Холобур, Амма улууһугар “Олоҥхо дойдута” оонньууларын ыытаары олороллор эбит. Манна мындыр өй күрэһиттэн саҕалаан, быыппастар былчыҥнаахтарга тиийэ кыттыахтара диэн этэллэр.
Ил Дархан Айсен Николаев олоҥхоһуттарга, норуот маастардарыгар, оһуохайдьыттарга, уустарга сыллата анал истипиэндьийэлэри туттарар. Быйыл ити үгэс эмиэ салҕаныаҕа.
Олоҥхо күнүн чэрчитинэн ыытыллар тэрээһиннэр бырагыраамаларын Олоҥхо тыйаатырын саайтыгар киирэн көрүөххүтүн сөп. Барыта 80 кэриҥэ улахан тэрээһин былааннанар.
Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн “Мин бастакы идэм” диэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин…
Быйыл балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр диэри Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум буолан ааспыта. Онно…
Бүтүн Арассыыйатааҕы "Родители онлайн" пуорумҥа кыттыы -- улахан чиэс... Өссө төрөппүт быһыытынан! Оҕону - төрөппүт…
Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…
Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…
Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…