Саха сиригэр түспүт томороон тымныыларынан даҕаны эттэххэ, үлэлэрин аналынан ыраах айаҥҥа, сиргэ-уокка сылдьар дьоҥҥо туһалаах тэрил баар буолбут. Ол – Саха сирин тыа сиригэр аналлаах рация. “Эрэл-4” диэн ааттаах рация Саха сирин айылҕа уустук усулуобуйатыгар тургутугу, бэрэбиэркэни ааспыт.
300 км тахса тэйиччиттэн кэпсэтиэххэ сөп. Спутник төлөпүөнүн курдук тарыыбынан төлөөбөккүн. Араас сааҥсыйалар дьайыыларын түмүгэр арахсыа диэн куттаммаккын. Суотабай төлөпүөҥҥэ СМС ыытыахха сөп диэн суруктаах.
Бу рацияны “Азия” эргиэн киинигэр баар “Технология выживания” маҕаһыыҥҥа атыылыыллар эбит. Ааттыын да этэрин курдук, тыыннаах хааларга көмөлөһөр айан таһаарыылар (технологиялар) атыыланар маҕаһыыннара.
Өрөспүүбүлүкэ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ табаһыттарга, булчуттарга анаан атыылаһыннаран эрэр диэн этэр атыыһыт. Онон хоту улуустартан балачча кэлэн ылбыттар. Ол эрээри, икки тэриллээх (рациялаах) буоллаххына эрэ кэпсэтэр буоллаҕыҥ. Онон хоту дойду, тыа сирин олохтоохторугар ботуччу сыаналаах тэрил. Сыаната – 68000 солкуобай.
Дьон сүрдээҕин ыйыталаһар, бэл, икки улуус икки ардыгар табаһыттар кэпсэтэр буолбуттар дииллэр. Бу тэрил, эппитим курдук, табаһыттарга, булчуттарга, балыксыттарга, геологтарга, экология иниспиэктэрдэригэр эҥин олус наадалаах буолсу. Сиргэ-уокка сылдьар киһи туохха түбэспэт буолуоҕай? Араас ыксаллаах түгэннэргэ быыһанарга, көмө көрдүүргэ эбэтэр этэҥҥэ сылдьаргын биллэрэн, чугас дьоҥҥун уоскутаргар бэртээхэй тэрил быһыылаах. Онон министиэристибэлэр, хаһаайыстыбалар салайааччылара билэн-көрөн, үөрэтэн, үлэһиттэрин хааччыйары толкуйдуохтарын сөп эбит.
Хаартыскаҕа: рация.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…