“Эрэл” кэпэрэтиип буойуната үлэлиир
Саха сирин тыатын хаһаайыстыбаларыгар эмиэ биир эппиэттээх кэм саҕаланна. Ол курдук, идэһэ кэмэ саҕаланан, буойуналар үлэлээн, сүөһүнү тутан, астаан эрэллэр.
Нам улууһун уонна Дьокуускай куораты үрүҥ аһынан уонна этинэн, арыынан дэлэччи хааччыйар “Эрэл” кэпэрэтиип (сал. Нь.Ф.Гуляев) Никольскайга баар буойунатыгар нэһилиэктэртэн эт туттараары сүөһүлэрин аҕалан астаталлар. Онон дьонтон туталлар уонна өҥө оҥороллор диэххэ сөп. Манна тутар сүөһүлэрин мунньа-мунньа (күн аайы буолбатах) өлөрөн астыыллар. Ол курдук үлэһиттэр күҥҥэ 15 төбөнү астыыллар. Онон сороҕор манна сарсыарда 7 чаастан саҕалаан киэһэ хойукка диэри буойунаҕа үлэлииллэр. Сүөһүлээхтэр бэйэлэрэ тиэйэн аҕалан биэрэллэр.
Дьиҥэр, буойуна балаҕан ыйыттан үлэтин саҕалаабыта. Уопсайа 27 сүөһүнү тутан астаатылар. Бу сыл бүтүөр диэри 22 туонна эти тутар соруктаахтар. Ол соруктарын толоруохтара диэн эрэнэбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: