«Эрэл» киин үлэһиттэрэ үөрэнээччилэргэ ыалдьыттаатылар
Сэтинньи ый 17 күнүгэр үөрэхтээһин Харбалаахтааҕы холбоһугар «Эрэл» сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго Тааттатааҕы реабилитационнай киин үлэһиттэрэ төрөппүттэри, оҕолору кытта үлэлэһэн бардылар. Сарсыарда 9 ч.15 м. нэһилиэк дьаһалтатыгар консилиум буолла.
Оҕолорго «Брейн-ринг» оонньууну ыыттылар. 8-11 кылаас оҕолоругар иккис уруок кэнниттэн сэттэ түһүмэхтээх викторина ыыттылар. Оонньууга кылаас ахсыттан алталыы о5олоох хамаанда туруорулунна. Бастаабыт хамаанда «Хадаайы» түмэлигэр муус оҥоһуктаах сиргэ буор-босхо сынньанан, мууска сырылаан, хаҥкылаан кэлэр путевканы ылар чиэскэ тигистэ. Оҕолор бары көхтөөхтүк кытыннылар. Бэрт интэриэһинэй, сэргэх тэрээһин ааста, 1-кы хамаанда бастаата. Кинилэр «Хадаайыга» сынньана барар босхо путевканы тутан олус үөрдүлэр.
Онтон төрөппүттэри, учууталлары кытары көрсүһүү буолла. Бэртээхэй кэпсэтии таҕыста, оҕолорго туһалаах сүбэ-ама бэрилиннэ. Бэйэ дьыалатын тэриниэн баҕалаахтарга социальнай хантараак туһунан сиһилии быһаарыы, сырдатыы болҕомтону тарта.
Ити курдук, Харбалаахха олус туһалаах тэрээһин буолбутуттан оҕолуун, улахан дьоннуун бары астынныбыт. Улаханнык үөрэн-көтөн туран, Тааттатааҕы «Эрэл» үлэһиттэригэр барҕа махталбытын тиэрдэбит!
Наташа НИКИФОРОВА,
11 кылаас үөрэнээччитэ, Харбалаах
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: