Эрэллээх уотунан, сылааһынан хааччыйаары…

Эрэллээх уотунан, сылааһынан хааччыйаары…

01.09.2023, 12:00
Хаартыска: Айаал Аргунов түһэриитэ
Бөлөххө киир:

«Якутскэнерго» Саха сирин уотун ситимин эрэллээх уонна хаачыстыбалаах оҥорор үлэтин күүскэ ыытар. Быйылгы кыстыкка бэлэмнэнии үлэтин таһынан, хас даҕаны кэлэр сылларга киириэхтээх бырайыак билигин оҥоһуллар.

ИТИТЭР СИТИМИ САҤАРДЫЫ

2021 сылтан саҕалаан “Якутскэнерго” хампаанньа Дьокуускайга магистральнай ититэр ситими саҥалыы уларытан оҥорор. Саҥа ситимнэр кээмэйдэрэ уруккулартан быдан улахан, онон бу үлэ түмүгэр өрөспүүбүлүкэ киин куоратын 12 кыбартаалыгар (2-с, 3-с, 4-с, 16-с, 17-с уо.д.а.), ону таһынан Хатыҥ Үрэх уонна аэропорт оройуоннарыгар, ититэр ситимҥэ өссө элбэх дьиэ холбонор кыахтаныаҕа. Билиҥҥитэ өрөмүөн үлэ­тэ Очиченко уулуссаттан Бабушкин уулуссатыгар диэри ыытыллар.

“Ититэр ситими саҥардыы үлэтэ Дьокуускай куорат түргэнник сайдан иһэр кыбартаалларын сылааска наадыйыыларын хааччыйарга диэн оҥоһуллар. Ситим үлэҕэ киирдэҕинэ, бу кыбартаалларга саҥа дьиэлэри тутар кыахтаныахтара. Итиэннэ доруобуйа харыстабылын эбийиэктэрэ холбонуохтара, ол иһигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи онкологическай диспансер”, – диэн “Якутскэнерго” тэрилтэ исписэлиистэрэ иһитиннэрдилэр.

Кинилэр бэлиэтээбиттэринэн, саҥардыы үлэтэ ГРЭС оройуонуттан Петр Алексеев уулуссатыгар диэри хас даҕаны түһүмэҕинэн ыытыллар. Бастакы уочаракка 800 миэтэрэ уһуннаах ситим оҥоһуллар, иккискэ – 200-300 миэтэрэ. Саамай улахан үлэ Өктөөп 50 сыла (автострада) уулуссаҕа ыытыллыаҕа. Бырайыак чэрчитинэн уопсайа 18 км уһуннаах турба тардыллыаҕа. Үлэни 2025 сылга түмүктүүргэ бы­­лаанныыллар.

“СУДОВЕРФЬ” ПОДСТАНЦИЯТА

Быйыл балаҕан ыйыгар Жатайга 110/6 кВ-ттаах аныгы “Судоверфь” подстанциятын тутуу түмүктэниэҕэ. Бу эбийиэк Жатайдааҕы судоверфы уотунан хааччыйыаҕа, ону таһынан Дьокуускай уонна Жатай уотунан хааччыйыыга көмөлтө (резервэ) күүс буолуоҕа.
Тутууну “Якутскэнерго” тэрилтэ инвестиционнай бырагыраама чэрчитинэн ыытар. Бүгүҥҥү күҥҥэ эбийиэккэ хаабыллары, боруобаттары тардаллар, ыстаансыйа сала­йар пуунун туруораллар, таҥыы үлэтин ыыталлар.

“Подстанцияаҕа Арас­сыыйаҕа оҥоһуллубут аныгы тэриллэр туруохтара. Манна 10МВт кыамталаах икки трансформатор баар буолуоҕа, хаабыллар уопсай уһуннара 10 км тэҥнэһэр. Былаан быһыытынан, судоверфь эрэ буолбакка, сотору кэминэн Жатай абоненнара эмиэ холбонуохтара”, – диэн “Якутскэнерго” тэрилтэ Киин электрическэй ситимнэрин дириэктэрэ Петр Иванов эттэ.

Бэлиэтээн суруйдахха, Жатайга тутуллар судо­верфь бастакы түһүмэҕэ быйыл түмүктэниэхтээх. 2036 сылга диэри саҥа судоверфь стапелларыттан 130 өрүс аала ууга түһэрэ күүтүллэр. Саҥа судоверфь сыллата 10 устар аалы оҥорон, өрөмүөннээн таһаарар кыахтаах буолуоҕа. Ону кытта бу тэрилтэҕэ аал өрөмүөнүн ыытыахтара.

ЭНЭРГИЭТИКТЭРИ ҮӨРЭТЭР КИИН

Балаҕан ыйын 4 күнүттэн Мархаҕа энэргиэтиктэри бэлэм­ниир учебнай-производственнай киин үлэтин саҕалыаҕа. Манна “Якутскэнерго”, Саха сирин уонна Уһук Илиннээҕи энэргиэтикэ салаатын хампаанньаларын үлэһиттэрэ саҥа идэҕэ үөрэниэхтэрэ уонна квалификацияларын үрдэтиниэхтэрэ. Ону сэргэ киин баазатыгар Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет устудьуоннара быраактыкаларын ааһыахтара.

Киин учебнай-лабораторнай куорпуһун хас биирдии кэбиниэтигэр элиэктириккэ наадалаах бары тэриллэр бааллар. Үөрэнээччилэр түөрүйэни ааһан баран, тута истиэндэлэргэ уонна модулларга үлэлииллэр.

Быйыл быраактыычаскай дьарыктары кыһынын-сайынын ыытарга сылаас полигон тутулунна. Манна уокка холбоммут мас уонна бетон остуолбалар, араас уоту холбуур аппарааттар, мэхэньиисимнэр уо.д.а тэриллэр бааллар. Бу эбийиэк үлэҕэ киирдэҕинэ, үөрэх быраактыычаскай чааһа 40-60% тэҥнэһэр буолар.

Киин дириэктэрэ Олег Ширинян бэлиэтээбитинэн, учебнай-производственнай киин «РусГидро» ПАУо энэргиэтиктэри бэлэмниир ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн тутуллубут. Сыллата манна 1500 кэриҥэ киһи 214 бырагыраамаҕа үөрэниэҕэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: