Салгыы
Өрөмүөн кэнниттэн “Халыма” федеральнай суол “Заячья Петля” учаастагын арыйдылар

Өрөмүөн кэнниттэн “Халыма” федеральнай суол “Заячья Петля” учаастагын арыйдылар

07.12.2024, 13:18
Хаартыска: "Бүлүү" федеральнай суол управлениетын пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир:

Бу Дьокуускай – Магадан 662-692 км массыына суолун саамай уустук уонна саахал тахсар кутталлаах учаастага буолар. 28,3 км суолга киэҥ далааһыннаах үлэ 2020 сылтан ыытылынна, барыта 250 исписэлиис сыһыарыллыбыта.

Суол аһыллыытын үөрүүлээх сиэригэр-туомугар Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ Владимир Сивцев, “Бүлүү” федеральнай суол управлениетын  начаалынньыга Николай Андреев, Томпо улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччы Степан Кривошапкин, улахан өрөмүөн үлэтин ыыппыт бэдэрээтчит тэрилтэлэр салайааччылара кытыннылар.

Олохтоохтор ортолоругар “Заячья Петля” аатынан биллэр учаастак суоппардарга кутталы үөскэтэрэ.

Саҥардан оҥоруу түмүгэр үлтүркэй таас, кумах кутан суол төрдүс тиэхиньиичэскэй категорияҕа диэри тиийдэ. Барыта 1,5 мөл. кубометр буору куттулар.  Айанныырга куттала суох буоларын уонна суоппардарга көстөрүн туһугар трасса өҕүллүүлэрин көннөрөн биэрдилэр.

Тустаах бырайыак иитинэн үс үрэҕи туоруур саҥа муостаны туттулар (96,7 м. уһуннаах Сеторым), (72,6 м. Долгочан) уонна (48,5 м. Некуляк). Эрдэ бу сиринэн үрэхтэри кэстэрэн туорууллара, халаан кэмигэр сырыы букатын даҕаны тохтуура.

Санатан эттэххэ, бу иннинэ суол 1121 – 1142 км өссө биир учаастага (1-кы уонна 2-с түһүмэх) аһыллыбыта. Онон “Халыма” трассаҕа саахалы үөскэтэр, кутталлаах иккис учаастагын өрөмүөннээтилэр.

“Бүлүү” федеральнай суол тэрилтэтэ “Бүлүү” уонна “Халыма” федеральнай суолларга быйыл 154,2 км усталаах суолу өрөмүөннээтэ, ону тэҥэ, 19 ууну аһарар искусственнай тутууну оҥордо.

“Бүлүү” федеральнай суол управлениетын пресс-сулууспата.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: