Киин куоракка ДСК түөлбэҕэ 153 кыбартаалга 990 миэстэлээх оскуоланы 2024 сыл бүтүүтэ киллэрэр былааннаахтар, ол кэннэ 2025 сыл балаҕан ыйын 1 күнүн көрсө кылаастары арыйыахтара. Маныаха диэри саамай улахан оскуола “Прометей” түөлбэҕэ баарынан ааҕыллара, диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Эбийиэк “Үөрэхтээһин” нацбырайыак чэрчитинэн тутуллар, итиэннэ Дьокуускай куорат маастар-былааныгар киирсэр. Билигин 153 кыбартаалга оскуола тутуута тигинэччи бара турар. Генеральнай бэдэрээтчит эппитинэн, эбийиэк болдьоҕор үлэҕэ киириэҕэ.
Оскуола дьиэтэ үс этээстээх. 540 миэстэлээх остолобуойдаах, медблоктаах, икки спортивнай саалалаах, аактабай саалалаах, коворкинг-кииннээх. Оскуола “ДСК”, “Ильинка”, “Сулустаах”, “Көтөр фабриката” түөлбэлэр аттыларыгар уонна чааһынай дьиэлээх ыаллар олорор сирдэригэр баар.
Саҥа оскуола 990 үөрэнээччигэ анаммыт тутуу — 33 кылаастаах (11 кылааска диэри үс параллель барар), кылаастарга отуттуу оҕо үөрэниэ.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…