Өрөспүүбүлүкэ 2025 сыллааҕы бүддьүөтүн сокуона ылылынна
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин онус ыҥырыылаах пленарнай мунньаҕар бүтэһиктээх ааҕыыга өрөспүүбүлүкэ 2025 уонна 2026-2027 сыллардааҕы судаарыстыбаннай бүддьүөтүн туһунан сокуон барыла ылылынна.
Өрөспүүбүлүкэ 2025 сыллааҕы бүддьүөтүн дохуоттаах чааһа иккис ааҕыыга киллэриллибит уларытыылары учуоттаан туран 329,3 млрд солк. тэҥнэстэ. Ил Түмэн спикерэ Алексей Еремеев судаарыстыбаннай бүддьүөтү бэлэмнээһиҥҥэ уонна ылыныыга үлэлэрин иһин норуот дьокутааттарыгар, ол иһигэр чуолаан Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаатыгар Галина Данчиковаҕа махтанна. Кини көмөтүнэн улахан үлэ ыытыллыбытын бэлиэтээтэ.
«Билиҥҥи судургута суох кэмҥэ социальнай хайысхалаах бүддьүөт ылылынна. Бу хайысхаҕа үлэ 2025 сылга салгыы ыытыллыаҕа», – диэтэ Алексей Еремеев. Алексей Еремеев 2025 сылга бүддьүөт дохуоттаах чааһын улаатыннарыыга улахан үлэ барыахтааҕын бэлиэтээтэ. Кини Бырабыыталыстыба салалтатыгар уонна Ил Түмэн дьокутааттарыгар туруоруллубут соруктары быһаарарга туох баар сыраларын ууралларыгар ыҥырда.
2025 сылга «Дьиэ кэргэн» өрөспүүбүлүкэтээҕи хапытаал кээмэйэ 316 200 солк. тэҥнэһиэ, оттон «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал кээмэйэ 116 756,86 солк. буолуо. Тыа хаһаайыстыбатын өйөөһүҥҥэ 2025 сылга 15 млрд 315 мөл. солк. көрүллүө. Өлүөнэ өрүһү туоруур күргэ тутуутун үбүлээһиҥҥэ сокуон барылынан 28 млрд 914,6 мөл. солк. көрүлүннэ, итинтэн 23 млрд 914,6 мөл. солк. федеральнай бүддьүөт үбүн суотугар. Суол пуондатыгар өрөспүүбүлүкэ 2025 сыллааҕы бүддьүөтэ 10 млрд 730,8 мөл. солк. буолуо. Национальнай бырайыактары үбүлээһиҥҥэ 2025 сылга 29 млрд 792,4 мөл. солк. былааннаммыт, ол иһигэр федеральнай бүддьүөт үбүн суотугар 19 млрд 44,7 мөл. солк. көрүллүбүт. Стратегическай суолталаах Ыйаахтары үбүлээһиҥҥэ 2025 сылга 8 млрд 570,1 мөл. солк. былааннаммыт. Судаарыстыбаннай бүддьүөт дэписсиитэ уларыйыыта суох хаалар уонна 2025 сылга 2 млрд 758 мөл. солк. буолуоҕа.
Пленарнай мунньахха уопсайа 52 боппуруос көрүллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: