Өрөспүүбүлүкэ 550 олохтооҕо оонньуулар факелларын илдьиэҕэ

Share

Ол туһунан ““Азия оҕолоро”   успуорт  аан дойдутааҕы VIII сайыҥҥы оонньууларын дириэксийэтэ” АНО  эстафетатын салайааччы Максим Прокопьев  брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.

— “Азия оҕолоро”   успуорт  аан дойдутааҕы  VIII сайыҥҥы оонньууларын уотун эстафетата өрөспүүбүлүкэ бары оройуоннарыгар ыытыллыаҕа. Эстафета уопсай уһуна 35 тыһыынча килэмиэтиргэ тиийиэҕэ. Биһиги сиринэн уонна салгын суолунан улуустарга барытыгар сылдьыахпыт. Ити өрөспүүбүлүкэ хас биирдии олохтооҕо “Азия оҕолоро” оонньууларга кыттыгастаах буоларыгар хайысхаланар. Факелы илдьээччилэр ахсааннара — 550 киһи. Ону таһынан миэстэтигэр волонтердар кыттыахтара. Барыта тыһыынча волонтеру үлэлэтэр былааннаахпыт. 36 улуус бэйэтин маршрутун бэлэмнээтэ”, — диэтэ Максим Прокопьев.

Оонньуулар уоттарын уматыы сиэрэ-туома кулун тутар 19 күнүгэр Өлүөнэ очуостарын сыырыгар  ыытыллыаҕа. Эстафета Хаҥалас улууһуттан – “Азия оҕолоро” успуорт оонньуутун төрүттээбит өрөспүүбүлүкэ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев дойдутуттан с саҕаланыаҕа. Онтон бэс ыйын 26 күнүгэр Дьокуускайга “Туймаада” стадиоҥҥа Оонньуулар аһыллыыларыгар түмүктэниэҕэ.

Санатан эттэххэ, Владимир Путин урут “Азия оҕолоро” оонньуулары “Арассыыйа уонна араас дойдулар эрэгийиэннэриттэн талааннаах оҕолору бэйэтин былаһааккаларыгар түмэр оҕо-ыччат успуордун кэрэхсэбиллээх уонна ситиһиилээх бырайыагынан” ааттаабыта.

“Азия оҕолоро” успуорт  аан дойдутааҕы VIII оонньуулара бэс ыйын 25 күнүттэн от ыйын 7 күнүгэр диэри Дьокуускай куоракка ыытыллыахтара.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интервью
  • Култуура
  • Сонуннар

“Щепкиннэр”  кэккэлэрин хаҥаппыт Петр Домотов

... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка,  күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…

20 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүтүктээх ийэ оҕотун булуо дуо?

Елена устудьуоннуу сылдьан, 18 сааһыгар кэргэн тахсан, ыарахан буолан, төрүүр дьиэҕэ киирбитэ. Хантан билиэй, аан…

54 минуты ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сэрэнэр — сиэрдээх

Эдьиий Дора сүбэтэ. Эккэ-хааҥҥа иҥэмтэлээх, ыраас, туһалаах эбиликтээх ас сүмэтэ биһиэхэ баарын сотору аан дойду…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Мииринэйгэ эр киһи уокка оҕустарда

Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, суукка устата буруйу оҥоруу туһунан 12 иһитиннэрии бэлиэтэммит. Ол курдук, Нерюнгри куоракка…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьирээ суруксут, тыл ууһа

Бу күннэргэ биир дойдулааҕым, Учууталым диэн улахан буукубаттан суруйар, ытыктыыр-сүгүрүйэр киһим Баһылай Сэмэнэбис Сүөдэрэп-Сэмээр Баһылай…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайдааҕы көтөрү иитэр баабырыка 100 мөл. сымыыты ылар былаанын толоруоҕа

Ахсынньы 13 күнүнээҕи туругунан сымыыт былырыыҥҥы кээмэйин -- 97,7 мөл устууканы ыллылар. Сыл бүтүөр диэри…

2 часа ago