Өрөспүүбүлүкэ баһылыга элбэх оҕолоох ыаллары өйүүр миэрэлэри көрөр сокуон барылын киллэрдэ
Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕар (Ил Түмэҥҥэ) “Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуонугар уларытыылары киллэрэр туһунан” “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр дьиэ кэргэнин, ийэ, аҕа буолууну уонна оҕо сааһы харыстааһын туһунан уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин сорох сокуон аакталарын күүстэрин сүтэрбиттэрин туһунан” Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуонун барылын киллэрдэ.
Бу сокуон барыла дьиэ кэргэни уонна демография бэлиитикэтин олоххо киллэриини быраап өттүнэн ситэрэр-хоторор.
Ол курдук, тохсунньу 1 күнүттэн сир учаастагын босхо ылар бырааптаахтар учуоттарыгар турар элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ кинилэр сөбүлэҥнэринэн олорор дьиэлэрин усулуобуйатын тупсарыыга биир кэмнээх төлөбүрү ылар кыах бэриллэр. Кыаммат ыалларга социальнай хантараагынан судаарыстыба социальнай көмөтө оҥоһуллар.
Кыаммат элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ оскуола, спортивнай уонна да атын оҕо таҥаһын атыылаһыыга сыл аайы харчынан төлөбүр бэриллэр нуорманы хааччахтааһын сотулунна. Бу орто идэтийбит үөрэх тэрилтэтигэр үөрэнээччигэ өйөбүлү ыларыгар көмөлөһүөҕэ.
Дьиэ кэргэҥҥэ сыһыаны бөҕөргөтөр уонна дьиҥнээхтик саахсаламмыттары өйүүр туһуттан, 25 саастарыгар диэри эдэр ыалга бастакы оҕолоро төрөөһүнүн көҕүлүүргэ, дьиэ кэргэҥҥэ иккис, үһүс уонна онтон элбэх оҕоҕо, 2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 25 саастарыгар диэри киллэрэн туран аан бастаан холбоспут эдэр ыалга биир кэмнээх харчынан төлөбүрү өйөбүл эбии миэрэтин быһыытынан киллэрэргэ, бастакы оҕолоро (бастакы оҕолорун биир сааһыгар диэри иитэ ылбыттарга) төрөөтөҕүнэ харчынан биирдэ бэриллэр төлөбүр оннугар. Биир кэмнээх төлөбүр кээмэйин, усулуобуйатын СӨ Бырабыыталыстыбата оҥоруохтаах.
2018 сылтан саҕалаан федеральнай бүддьүөт суотугар, оттон 2019 с. эрэгийиэн бүддьүөтүн киллэрэн туран, Саха сиригэр төрөөһүнү элбэтиигэ туһуламмыт эбии миэрэлэр олохтоммуттара. Ол иһигэр дьиэ кэргэҥҥэ бастакы оҕото төрөөһүнүн кытта сибээстээх. Дьиэ кэргэҥҥэ бастакы оҕото үс сааһын туолуор диэри ый аайы харчынан төлөбүр, 2019 сылтан “Демография” национальнай бырайыак чэрчитинэн бастакы оҕо төрөөтөҕүнэ биир кэмнээх харчынан төлөбүр оҥоһуллар. 2020 сылтан бастакы оҕоҕо ийэ (дьиэ кэргэн) хапытаала бэриллэр, ити үптэн ый аайы төлөбүр оҥоһуллар. 2022 сылга “Сүүс сыл оҕолоро” тус сыаллаах хапытаал олоххо киирбитэ. Маны сэргэ 2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 0-тан 17 саастарыгар диэри оҕолордоох ыалларга оҕо төрөөбүтүнэн уонна иитиигэ диэн ыйдааҕы босуобуйа көрүллэр. Ону тэҥэ учуокка эрдэ турбут хат дьахталларга (тиийинэн олоруу кээмэйиттэн намыһах буоллаҕына).
Бу ылыллыбыт миэрэлэр төрөөһүҥҥэ үтүө сабыдыалламмыттара кэрэхсэбиллээх.
Онон 25 саастарыгар диэри аан бастаан ыал буолааччылары өйүүр саҥа миэрэ кэргэннии буолууну бөҕөргөтүөҕэ уонна оҕо төрөөһүнүн элбэтиэҕэ.
Ил Түмэн пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: