Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр 66,5 % дохуот киирдэ
27.09.2025, 20:12

Андрей Сорокин хаартыската, ЯСИА
Бөлөххө киир:
Геополитическай балаһыанньаны, хааччахтааһыннары аахсыбакка, өрөспүүбүлүкэ экэнэмиэкитэ үүнэр.
Валовой эрэгийиэннээҕи бородуукта кэриҥэ Арассыыйа орто көрдөрүүтүн тэҥинэн үүнэр. Онтон бырамыысыланнай уопсай үүнүүтэ бытаарда, ол, бастатан туран, аан дойдуга алмаас хостооһунун бырамыысыланнаһын боппуруостарын кытары сибээстээх, ол эрээри ньиэп, кыһыл көмүс, чох хостооһунун бырамыысыланнаһын эйгэтигэр кыралаан да буоллар, үрдээһин баар.
«Ааспыт нэдиэлэ туругунан өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр 66,5% дохуот киирдэ, бэйэтин дохуота — 58,5%, ороскуоттартан — 74%, социальнай-култуурунай хайысхаларынан — 80%-тан тахса бырыһыан толорулунна», — диэн Айсен Николаев «Быһа лииньийэ» кэмигэр иһитиннэрдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: