Балаҕан ыйын 27 күнүгэр, Саха сирин Судаарыстыбаннаһын күнүгэр, Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев араас идэ уонна экэниэмикэ салаатын бэрэстэбиитэллэригэр, эрэгийиэн социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар үтүө суобастаахтык үлэлээбит дьоҥҥо үрдүкү судаарыстыбаннай наҕараадалары туттарда.
Ил Дархан бэйэтин эҕэрдэтигэр 32 сыл анараа өттүгэр, балаҕан ыйын 27 күнүгэр Үрдүкү Сэбиэт XII ыҥырыылаах дьокутааттара Михаил Ефимович Николаев салалтатынан өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай суверенитетын ылбыттарын санатта:
«… Билигин бары, биһиги өрөспүүбүлүкэбит уонна дойдубут эмиэ бигэ турукка кытаанах тургутууну ааһабыт. Дойдуга ыарахан кэмнэргэ Саха сирин дьоно дойду көмүскэлигэр турбуттара. Биһиги Саха сирин олохтоохторугар – анал эпэрээссийэ, Арассыыйа инникитин, куттал суох буолуутун уонна көҥүл иһин охсуһуу кыттыылаахтарыгар норуот махталын биллэрэбит”, — диэн анал байыаннай эпэрээссийэҕэ өлбүт ыччаттарбыт аймахтарыгар “Эр санааланыы ” уордьанын туттарда. Өлбүттэрин кэннэ наҕараадаланнылар: Петр Корнилов, Иннокентий Михайлов, Николай Сибиряков.
Салҕыы Ил Дархан култуура, наука, үөрэх, доруобуйа харыстабылын уһулуччулаах диэйэтэллэригэр, бырамыысыланнас уонна тыа хаһаайыстыбатын бастыҥнарыгар, экэниэмикэ уонна социальнай эйгэ салаатын бэрэстэбиитэллэригэр РФ уонна СӨ үрдүкү судаарыстыбаннай наҕараадаларын 50-тан тахса киһиэхэ туттарда.
Кинилэр истэригэр наҕараадаланнылар:
“Хотугу сулус” өрөспүүбүлүкэ уордьанынан:
Сергей Павленко — Удачнайдааҕы хайа-байытар кэмбинээт дириэктэрэ – “АЛРОСА” Удачнай куоракка аахсыйалаах хампаанньаны салайар аппарат тэрилтэлэрин сүрүннээччи;
“Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах гражданина” бэлиэнэн:
Анатолий Алексеев – РНА Сибиирдээҕи салаатын Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах норуоттарын кыһалҕаларын уонна гуманитарнай чинчийии институтун административнай-управленческай аппаратын научнай салайааччыта, устуоруйа наукатын доктора, бэрэбиэссэр, Бочуот уордьанын кавалера, СӨ наукатын үтүөлээх диэйэтэлэ.
Ону таһынан «Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта» аат суруйааччылар: П.А. Ойуунускай аатынан СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин, Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан СӨ Ил Дарханын бириэмийэтин лауреата, Намжил Нимбуев аатынан норуоттар икки ардыларынааҕы поэтическай турнир Гран-при хаһаайына, Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Елена Васильевна Слепцова-Куорсуннаахха уонна СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, прозаик, драматург, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Дмитрий Федосеевич Наумовка туттарылыннылар.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…