Саха тыйаатырын кэлэктиибэ өр кэм устата үлэлээн, Далан “Тулаайах оҕо” арамаанынан улахан испэктээк туруордулар. Туруорааччы режиссерунан Руслан Тараховскай буолла, оонньууга тыйаатыр бары артыыстара кэриэтэ кытталлар.
Сүрүн оруоллары үс бөлөх артыыс уларытыһа сылдьан оонньууллар. Ол курдук, Ньырбачаан оруолун Лена Маркова, Айталина Цыпандина, Айталина Лавернова толороллор, Даҕанча оруолун Дьулустаан Семенов, Семен Алексеев уонна Вячеслав Лавернов оонньууллар. Сценографиятын Михаил Егоров туруорбут, көстүүмнэри таҥыы уустук үлэтин Сардаана Федотова уонна Дария Дмитриева кыайбыттар. Муусуканан киэргэтиинэн Герман уонна Клавдия Хатылаевтар дьарыктаммыттар. Туруорууга бэлэмнэнии кэмигэр устуоруйанан дьарыктанар биллиилээх учуонайдар Розалия Бравина, Андриян Борисов ол кэминээҕи олох үгэстэригэр сыһыаннаах хас даҕаны лиэксийэни тыйаатыр кэлэктиибигэр аахпыттар.
Кэлэр үс туруорууга билиэт олоччу атыыламмытынан сибээстээн, тыйаатыр дьаһалтата ыам ыйыгар эбии икки оонньууну туруорарга быһаарыы ылбыт.
Тыйаатыр дириэктэрэ Петр Макаров этэринэн, быйыл 1983 сыллаахха суруллубут “Тулаайах оҕо” арамаан бэчээттэнэн тахсыбыта 40 сыла буолар.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…