Өрөcпүүбүлүкэ күнүгэр Дьокуускай куорат 1-кы нүөмэрдээх оскуолатын бастакы сыбаайатын түһэрдилэр

Share

Дьокуускай куорат 1-кы нүөмэрдээх оскуолатын бастакы сыбаайатын түһэрии үөрүүлээх тэрээһинэ Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр сөп түбэспитинэн бэлиэ буолла.

Хаартыска: www.sakha.gov.ru

Тэрээһиҥҥэ кыттыбыт Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников, бу күн куоракка эрэ буолбакка, кэккэ улуустарга эмиэ сыбаайа түһүүтүн сиэрэ-туома ыытылларын бэлиэтээтэ: “Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр оскуола бастакы сыбаайатын түһэрэр ураты үөрүүлээх. Үөрэнээччилэр, төрөппүттэр, үлэһиттэр уһун кэм кэтэспит күннэрэ тосхойдо.

Ил Дархан, Бырабыыталыстыба үөрэххэ улахан болҕомтону уураллар. Өрөспүүбүлүкэ бу өттүгэр оннооҕор уустук сылларга хаалбатаҕа. 1-кы нүөмэрдээх оскуола федеральнай үп суотугар тутуллар, урукку моһуонун тутан хаалыахтаах. Эбийиэги болдьоҕор, 2026 сылга  үлэҕэ киллэрэргэ эрэллээхпит”, — диэн эттэ.

Саҥа оскуола 253 миэстэлээх, уопсай иэнэ 6 253 кв.м. тэҥнэһэр, түөрт мэндиэмэннээх, иккис этээһигэр улахан спортивнай саалалаах буолуоҕа. Генеральнай бэдэрээтчит “Сахаспецмонтаж-95” ХЭУо, бырайыагын ДСК-проект оҥорбут.

Дьокуускай куорат мээрэ Евгений Григорьев оскуола куорат сайдыытын Маастар-былааныгар киирбитин тоһоҕолоон эттэ. “1912 сыллаахха Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй “Интеллигенцияҕа суругар” нэһилиэнньэни үөрэхтээһиҥҥэ соругу туруорбута. Оччолорго соххор, доҕолоҥ ахсаана үөрэхтээҕинээҕэр элбэх этэ. Оскуола үөрэхтээһинин көмөтүнэн 100 сылынан лаппа киэҥник хардыылаатыбыт. Үөрэххэ хаачыстыбанан 1-кы нүөмэрдээх оскуола куорат биир бастыҥ оскуолатынан биллэр. Бу иһин кэлэктиипкэ махтал” – диэн эттэ.

Дьокуускай куорат 1-кы нүөмэрдээх оскуолатын дириэктэрэ Таисия Горохова: “Бүгүҥҥү сыбаайата түһэр саҥа дьиэни биһиги – үөрэнээччилэр, төрөппүттэр, кэлэктиип 2007 сылтан кэтэстибит. Онон улахан үөрүүлээх күммүт буолар.

Күн бүгүн 25-тии оҕолоох иккилии кылааһы ылан олоробут. Саҥа тутуу үлэҕэ киирдэҕинэ, мин санаабар, оҕобут ахсаана эбиллиэҕэ.

Бүгүн төрөппүттэргэ өссө биир үөрүүлээх сонуммутун үллэстиэхпин баҕарабын. Билигин үлэлии турар оскуолабытыгар быстах олорбуппут. Оскуола дьиэтэ куоракка бэриллэрин туһунан бэҕэһээ Үөрэх уонна билим министиэристибэтиттэн дьаһаллаах докумуону туттубут, салгыы 1-кы нүөмэрдээх оскуолаҕа бэриллиэҕэ. Тоҕо диэтэххэ, саҥа оскуолаҕа (Ленин пр. 32-с нүөмэрдээх дьиэтигэр) үөрэнээччи барыта батар кыаҕа суох. Бүгүҥҥүтэ 700-чэкэ оҕо үөрэнэр. Билигин үлэлии турар оскуолабытыгар орто уонна улахан кылаас оҕолоро үөрэниэхтэрэ. Бары усулуобуйаны тэрийэргэ кыһанабыт, федеральнай сокуонунан биир симиэнэҕэ көһүүнү хааччыйыахпыт диэн эрэнэбит”, — диэн санаатын эттэ.

Сыбаайа түһүүтүгэр оҕолор, төрөппүттэр, үлэһиттэр хото мустубуттар.

Төрөппүт Наталья Корякина:

— Биһиэхэ Өрөспүүбүлүкэ күнэ үөрүүлээх, кэтэһиилээх күн буолла – оскуолабыт бастакы сыбаайатын түһэрдилэр. Тутуу түргэнник, үчүгэйдик түмүктэнэригэр баҕарабын. Оҕолорбут киэҥ билиини ылалларыгар туох баар аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир буолуоҕар эрэнэбит.

Оҕобут Таня маҥнайгы кылаастан саҕалаан бу сокуолаҕа үөрэнэр, быйыл 11-с кылаас. Оскуолабытын сөбүлүүбүт, ураты көрүүлээх учууталлар үлэлииллэр, үөрэтэр ньымаларын хайҕыыбыт, биһириибит.

Оскуолабыт төрөппүттэрэ уопсастыбаннай хамсааһын тэринэн, санааларын, күүстэрин ууран туран кыттыстылар, — диэн этэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

4 часа ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

4 часа ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

5 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

5 часов ago